Page 160 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 160

Бэйиэмэлээх этим буолбаат?!
                            Убайдарбын тарбыы сылдьан,
                            Онтукайбын умна сыстым.
                            Онно эмиэ арба, Лэкэ
                            Уоллаах кыыһы ытар этэ.
                            Уоһах уостаах оҕо муҥнаах,
                            Ону баара, аны мин,
                            Өлөрсүһүү сүрүн-кэбин
                            Өйгө күүрдэн дьүһүннүүр
                            Ыарахан иэйии ындыыта,
                            Ынырыга, суоһа суох,
                            Дэгэт-дьүөрэ хоһоонунан
                            Чэпчэкитик ойуулаан,
                            Нүһэр соҕус суҥхаҕа
                            Түбэспиппин өйдүүбүн.

                                            VI.
                            Халыҥ көмнөх үллүктэрин
                            Хахсаат тыалбыт хастыы ыһан,
                            Хара тыабыт мастара
                            Хампа күөхтээх хаарыан сайын
                            Хаһан кэлэр диэбиттии,
                            Хамсыы-тыаһыы иэрийдилэр.
                            Үрүҥ күммүт, үөһэ ыттан,
                            Үрдүк халлаан уорҕатыттан,
                            Салаҥ элбэх хататтарын
                            Сардырҕаччы сайа саҕан,
                            Сарпа кыырпах саһарҕатын
                            Сандаарыччы саккыратта.
                            Хайа охсуу аҥхай сирдээх
                            Халдьаайыга, куулаҕа —
                            Хахыйахтаах, сэппэрээктээх
                            Хара ыарҕа быыһыгар,
                            Көмүк көмнөх анныттан
                            Көбөн, күнүс тахсаннар,
                            Халыҥ үөрдээх хабдьылар
                            Хаарга оһуор астылар…

                Алаас-алаас аайыттан сугулааҥҥа дьон мустубуттар. Хол-
             куоска  киириҥ  диэн  ыҥырыы  мунньах  буолбут.  Ымыы  кыыс
             дакылаатчыт,  холкуоһунан  олоруу  туһатын  кэпсиир.  «Түмсүү



              160
   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165