Page 163 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 163

СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ–ЭЛЛЭЙ
                                  (1904—1976)

            Мин кыстык хаарынан сабыллыбыт,
         самналлыбыт  саха  балаҕаныгар,  са-
         йын  күөхтүү  охсуллубут  биир  кыбы-
         ныы от үрдүгэр, оттуллубут көмүлүөк
         оһох имик-самык сырдыгар 1904 сыл-
         лаахха сэтинньи 29 күнүгэр күн сирин
         көрбүтүм… Мин аҕам Роман Иванович
         уонна  ийэм  Татьяна  Сергеевна  Кула-
         чиковтар  үөрэҕэ  суох,  аҕыйах  ынах,
         сылгы иитимньилээх дьон этилэр…
            Аҕам  сорох  сайын  баай  дьон  хо-
         дуһаларын  аҥаарга  куортамнаһан  от-
         туура, оскуолаҕа мас кэрдэрэ, саһаан
         туруорара,  кыһынын  алта  оҕотун  куо-
         бахтаан  аһатара.  Кини,  мас  ууһа  буолан,  чэй,  табах,  арсыын
         сиидэс,  эргэ-урба  таҥас  иһин  атыыһыт,  аҕабыыт  оҕолоругар
         оонньуур эбэтэр аан, түннүк киэргэлин оҥороро. Биирдэ кини
         тыбыс-тыыннаах курдук тирии бүрүөлээх кулунчук аты уонна
         сүр үчүгэй тэлиэскэни оҥорбутугар биһиги, оҕолор, олус да
         ымсыырдыбыт  этэ…  Туох  кэлиэй,  оннук  оонньуурдары,  аҕа-
         быт солото суох буолан, биһиэхэ оҥорботоҕо… Ийэбит, саха
         элбэх  ийэлэрин  курдук,  иистэнньэҥинэн  бэрдэ.  Кини  сылгы
         тириититтэн тикпит саары этэрбэһэ, саараама, сииги да өтүп-
         пэт этэ. Ынах тириититтэн сарыы этэрбэһи, куобах тириитит-
         тэн сон иһин, суорҕаны, бэргэһэни тигэрэ…
            Арай  күһүн  буолбута.  Маҥнайгы  «үтүлүк  хаар»  сири  үл-
         лүктүү түһэрэ. Биһиги, уолаттар, аҕабытын кытары төрөөбүт
         алаас пытыгар Мойуонаҕа мас эрбии турарбыт. Ол турдахпыты-
         на, халлаантан, хаардаах былыттар кэтэхтэриттэн, кыталык тар
         кырыымпалыы кыҥкынас ырыалара иһиллибитэ. Кыталыктар,
         алааспытын  хаста  да  эргийэ-эргийэ,  ыллыыр-туойар  быһыы-
         лаахтара.  Биһиги  аҕабытыттан:  «Ити  туох  көтөрдөрүй,  туох
         туһунан  ыллыылларый?»  —  диэн  ыйыппыппыт.  Онуоха  аҕа-
         быт эппитэ: «Ити үтүө-мааны, ытык көтөрдөр. Кинилэр мээлэ
         киһиэхэ ыллаабаттар, дьоллоох эрэ дьоҥҥо ыллыыллар. Эһи-
         ги  иһиттигит  дуо?  Итинтикэлэргит  эһигини  кытта  бырастыы-
         лаһа-бырастыылаһа:  «Эһиги  олоххут,  биһиги  истиэхтэн  кэрэ
         ырыабыт курдук, дьоллоох-соргулаах буолуохтун!» — диэтилэр
         эбээт.
                                    Суруйааччы олоҕун туһунан ахтыытыттан

                                                                      163
   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168