Page 158 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 158

«Ат» диэн тыл буолан хаалар.
                              «Ы»-га «Т»-ны сыһыардахха —
                              «Ыт» дьаабал тахсан кэлэр…
                              Хас саҥардахпыт ахсын
                              Буукубаны этэ сылдьан,
                              Хата, букатын даҕаны
                              Буукубаны билбэт диэн, —
                              Дьиибэ да суол буолар эбит,
                              Дьэ, мин сөҕөн кэбистим!..
                              Ахсааммытын көрүөҥ, дьэ эн,
                              Араас дьикти онно баар!
                              Биир сыыппара суруллара —
                              Мин тордуоҕум курдук үкчү.
                              Биэспит — сиэрпэ-сиэрпэнэн.
                              Аны туран аҕыспыт —
                              Аҕабыыттаахха амсайар
                              Аччыгыйкаан халаачыктан
                              Адьас-долуой атына суох.
                              Өссө түөрдү сөҕүөҥ турар:
                              Өксөөн уола оҥорбут
                              Өйөнөрдөөх олоппоһун
                              Өрө тутан кээспит курдук.
                              Туох да оппот буоллаҕына, —
                              «Ньуул» диэни суруйабыт.
                              Онтукабыт ити хомуут
                              Осоҕоһун маарынныыр…

                              — Күтүр өстөөх, кэпсээтэҕэ
                              Көрүдьүөһүн баҕаһын!
                              Эн хомуутуҥ, тордуоҕуҥ,
                              Эчи оннук айылаах,
                              Кириҥэҕэ суруллуох,
                              Кэрэ маллар үһү дуо?
                              Бүт чэ, хата, күөс буста,
                              Бөххүн-саххын хомуйталаа! —
                              Тигэн эрэр этэрбэһин
                              Тиэтэлинэн киэр илгэн,
                              Ньилбэктэрин тэбэнэн,
                              Дьэбдьиэй туран кэлбитэ.
                Сайын, окко киириэх иннинэ, нэһилиэктэн дьокутааттар та-
             лыллан, сири үллэстии саҕаламмыт. Налбыһах баайтан сирин

              158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163