Page 153 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 153
Ырыппыта-түөрбүтэ.
Хотоннору дьиэлэртэн
Хотуулаахтык араарарга,
Оҕолонор дьахталларга
Окусуорка ыҥырарга,
Дьиэҕэ-уокка даҕаны
Чэбэр-ыраас буоларга,
Аһы астыаҥ иннинэ
Илиилэргин суунарга,
Аһаан баран иһиккин
Итии уунан сайгыырга,
Бэл диэтэр, биир сотторунан
Кэрийсиһэн соттубакка,
Биир хамсаттан табаҕы
«Кэһиилэһэн» тардыбакка, —
Үксү-үксү өйдөппүтэ,
Үтүө сүбэ биэрбитэ…
Эстэн эрэр эргэ үйэ
Элбэх тобох мэҥнэрин —
Хаарты оонньуур сыыһатын,
Халыым адьас хаалбытын,
Аҕабыыт аймах албынын,
Абааһы, таҥара суоҕун,
Ойууннатар буойуулааҕын,
Олус наһаа барбакка,
Олохтоохтук, астыннара,
Устуруутал кэпсээбитэ.
Хамначчыттар сойуустарын,
Дьахтар суутун тэрийтэлээн
Хас да күнү мэлдьитин,
Хара түүҥҥэ диэритин,
Моргуор-айдаан бөҕөлөөх
Мунньахтары ыыппыта…
Тылбытын байытабыт
Устуруутал — нууччалыы инструктор диэн тылтан.
Дуруускаһыт — ыал буолар дьоннору билиһиннэрэр, кэпсэтии
ыытар киһи.
Баскыллыбыт ыстааннаах — галифе ыстааннаах.
Сэлээрчэхээн — көрү-нары эрэ батыһар чэпчэки майгылаах.
153