Page 154 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 154

Окусуорка — акушерка.
                   Халыым — кэргэн ылар киһи кыыс дьонугар оҥорор төлөбүрэ.
                   Дьахтар суута — дьахталлар түмсүүлэрэ.
                                            III.

                              Ымыы «эрин» сирэн кээспит
                              «Ынырыктаах айдаанын»
                              Кыыдаанаба дьонтон истэн,
                              Кыыһы хайгыы санаабыта.
                              Былыргылыы быһыыттан
                              Быыһанаары, куотаары
                              Көҥүл суолу көрдүүрүгэр
                              Көмөлөһүөн баҕарбыта.
                              Сукулааҥҥа остуорастыыр
                              Суоппуйаны соруйсан,
                              Ымыы кыыһы ыкса киэһэ
                              Ыҥыртаран ылбыта.
                              Им-дьим чуумпу дьиэ иһигэр
                              Иккиэйэҕин эрэ хаалан,
                              Эйэҕэстик, истиҥник,
                              Иҥэн-тоҥон кэпсэппитэ.
                              Аҕатыттан арахсан
                              «Атах мээнэ» барбытын —
                              Аанньа суолга тиэрдибэт
                              Алҕаһынан аахпыта.
                              «Маннык сылдьыаҥ кэриэтэ
                              Барыс миигин кытары.
                              Куорат, үөрэх эйигин
                              Куһаҕаҥҥа тиэрдиэ суоҕа.
                              Илт эн миигин билигин
                              Ийэҥ-аҕаҥ аахха, дьэ,
                              Онно тиийэн дьоҥҥунуун
                              Олохтоохтук быһаарсыахха».
                              Ымыы Кыыдаанабын кытта
                              Ыҥыыр акка мэҥэстэн,
                              Ыйдаҥанан сирдэтэн,
                              Ыарҕалаахха кэлбиттэрэ.
                              Кыыдаанабын көрөн Ылдьаа:
                              «Кыыһым иһин буруйдаан,
                              Кыайыа-хотуо буолуо» диэн,
                              Кыраҕыйа санаабыта.

              154
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159