Page 169 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 169
ИЛЬЯ ДОРОФЕЕВИЧ ВИНОКУРОВ–ЧАҔЫЛҔАН
(1914—1952)
Илья Чаҕылҕан 15 сааһыттан Сэ-
биэскэй былаас олохтонуутугар араас
үлэҕэ үлэлээбитэ. Дьокуускайдааҕы
учуутал техникумугар үөрэммитэ. 18
саастааҕар үөрэммит кыһата бастыҥ
үөрэнээччитин саха тылын уонна ли-
тературатын учууталынан хааллар-
быта. Сµµрбэтин саІа ааспыт киґи
1935 с. Дьокуускайга кинигэ кыһатын
уус-уран салаатын, 1937 с. Москваҕа
үөрэх кинигэлэрин таһаарар эрэдээк-
тэрдэринэн үлэлээбитэ.
30-с сылларга Илья Винокуров ли-
тератураҕа киирбитэ. Саҥа олоҕу күү-
рээннээхтик хоһуйбута, оҕоҕо анаан бастыҥ айымньылары су-
руйбута, саха ураты толкуйдаах поэзията баар буолуутугар
олук уурсуспута. Чаҕылҕан айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан
үчүгэйдик уруһуйдуура, муусуканы өйдүүрэ, онон ускуустуба
бары көрүҥэр дэгиттэр талааннаа±а. 30 саастааҕар үс кини-
гэлээх сиппит-хоппут бэйиэт буола үүммүтэ.
1937 с. олунньу 8 күнүгэр «Кыым» хаһыакка кини тылбааһы-
гар Пушкин «Во глубине сибирских руд», «Узник» хоһоонноро
тахсыбыттара. Мантан ыла өссө биир — тылбаасчыт дьоҕура
биллибитэ. Сэрии ыар кэмигэр суруллубут хоһооннорун дьон
сөбүлээн ааҕара. «Хайыһар» хоһооно норуот ырыата буолан,
саха дьонун кыайыыга кынаттаабыта. 1944 с. сахаттан бастакы
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Попов туһунан «Герой
туһунан ырыа» диэн хоһоону суруйбута.
Чаҕылҕан үгүс саха суруйааччытын тымныы суоһунан хаа-
рыйбыт репрессия биир сиэртибэтэ буолбута. Ол түмүгэр
баа ра-суоҕа 38 сыл олорбута.
Эһиги быйыл кини сэрии кэнниттэн Москваҕа национальнай
операны туруорууга либбретто суруйуутугар үлэлэһэ сылдьан
суруйбут «Москватааҕы хоһооннор» цикллэрин билсиэххит.
169