Page 171 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 171
Көстүбэт гына сүппүтү
Көрдөөн да эрэйдэнимэ»…
Санаабар — эйэ, ил кэмэ,
Оччотооҕу көстөн ааста,
Оттон эйиэхэ — киэҥ синьиэл,
Санныгар — уоттаах сулустар.
Элбэҕи көрбүккүн биллим
Эн курус, намыын мичээргэр.
Мин эмиэ эргийэн кэллим
Эҥин тоҕойдоох эҥээриттэн.
Ханна баран сүттүҥ? — диэмэ,
Дьиктинэн тиллэн турабын.
Көмүһүөм, хайдах этиэмий
Эйигин көрбүт үөрүүбүн?!
3
Уруккутун курдук турар
Ураа уһуктаах Кремль
Кинини кыайбакка тумнар
Барыны ыйырар бириэмэ.
Кини ньыгыл таас эркинин,
Тулхадыйбат тулааһынын
Наполеон да уор киҥэ,
Күтүр да уот салааһына
Долгутан көрбөтөҕө. Онтон
Гитлер тимир кытаҕаһа
Кини эркинигэр тостон
Түспүтэ. Кытара кыыһан
Уруккутун курдук турар
Улуу Кремль сир киинигэр.
Арай түүн үөһүн ортотугар
Уот сындыыс төлөн түһэр.
Ол кыайыы килбиэн кэрэтэ
Дьон сүрэҕэр төлөн биэрэр,
Аан дойду иллээх эйэтэ
Кинини кэлэн эргийэр.
4
Билинии өҥөлөөх киирдим аантан:
Билсэр дьоммор бачча сылдьыбатым, —
171