Page 173 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 173

6
                          Эн кылбары маҥан илиигин
                          Мин аргыый имэрийэбин.
                          — Хантан ылар, туох эрчимин
                          Бу кырынаас тарбах?— диибин.
                          Нуурайа түстүҥ симиттэн.
                          Номоҕон доҕоруом, этиий:
                          Хас киһини ыар өлүүттэн
                          Олох дьолугар тириэртиҥ?
                          Хайдах бу кыра, намчы,
                          Мин илиибэр нам бааччы
                          Таалан сытар эн илиигэр
                          Тириэрэр күүс, ньыма киирэр?
                          Үөрэх арчылаах абынан
                          Үтүөрпүт элбэх буойунуҥ
                          Эйэҕэс махтал суругун
                          Эн остуолгар ааҕабын.
                          Саҥата суох мичээрдиибин, —
                          Эн намыын дьолгун билэбин,
                          Имигэс, нарын илиигин
                          Мин аргыый имэрийэбин.

                                         7
                          Түллэҥҥии олорор түүҥҥү Москва
                          Түптэ сааллар салюта,
                          Төхтүрүйэн этэр ньиргиэр этиҥэ
                          Төлөнүнэн саласта.
                          Кытара наҕарар кыһыл былаахха —
                          Кыайыы дьолун түлүөнэ;
                          Москва дьонун сирэйэр-хараҕар
                          Салют сыдьаайа көһүннэ.
                          Түөскэ баппат үөрүү үлүскэнэ,
                          Сырдаан ылла бары муннук
                          Ырай олоҕун сырдык ырата
                          Сатыылаан түспүтүн курдук…

                                                    1944—1945 сс.









                                                                      173
   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178