Page 181 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 181

Яков  сүрэҕэ  хайдах  эрэ  мөҕөн  ылла.  Кинилэр,  көҕүспүт  кур-
         дук, үрдүк кирилиэс устун өрө хааман тахсыбыттара, ресторан
         иһэ номнуо туолан, кымыс курдук кыынньа олорор эбит. Яков,
         төбөтө эргийэ сылдьар киһи, санаатыгар дьон бары итирик дуу,
         обургу холуочук дуу курдуктар, онуоха эбии ханна эрэ саамай
         ыраах  муннукка,  ким  эрэ  титирэстээбит  куолаһынан  кимиэхэ
         эрэ бэркэ бэрдимсийэр кэһиэхтээх куолаһа быһыта-орута ох-
         суллан кэлэн, уопсай дорҕооҥҥо сүтэр. «Мин дуо? — диир ол
         кэһиэхтээх куолас. — Мин оннооҕор буолуох киниттэн бэйэтит-
         тэн куттамматаҕым… Көр, ол баар истиэххин тиэтэйдэххинэ…
         Вообще  оннук…  Эн  ону  истэн  кэбис…  өйдөөтүҥ  дуо…  көр,
         оннук уонна вообще…».
            Биһиги  киһибит  сакааһы  биэрэн  дьэ  холкутуйда.  Онуоха
         эбии  мэйиитин  эргиппит  холорук  арыый  намыраан,  тохтоон
         барда, дьэ арыый болҕойон, аргыһын кытта киһилии кэпсэтэр
         кыахтанна. Таня остолобуойга повардыыр эбит. Саҥардыы бу
         куоракка  кэлбит.  Дьону-сэргэни  кытта  ситэ-хото  билсэ  илик
         үһү. Ити тыллар Яков өйүгэр бэрт чуолкайдык түстүлэр. Кини,
         төрүт  да  кэргэнэ  суох,  сулумах  киһи  буолан,  общественнай
         аһылык  дьыалатын  улаханнык  ытыктыыр  этэ,  оттон  бу  бары
         барыта татымсыйбыт сэрии саҕанааҕы кэмҥэ, кини ол ытык-
         табыла итии тапталга тиийэ үүммүтэ. Дьэ онуоха баара повар
         бэйэтинэн киниэхэ кэлэн биэрдэҕэ.
            — Кэлэ сылдьаар, мин бэйэм эйиэхэ астыам, — диир Таня
         сэмэй  куолаһынан.  Ити  тыл  биһиги  киһибит  сүрэҕин  букатын
         уулларан  кэбистэ.  Кини  хараҕар  сап-саһархай  бэрэскилэр,
         ип-итии котлеттар субу буруолаабытынан кэлэр курдуктар. Бы-
         һата, дьэ бу повар баар буолар эбит аан дойдуга саамай кэрэ,
         букатын поэтичнай идэ. Көр, ону баара биир да поэт биир да
         повар дьахтары ыллыы-хоһуйа илик эбит. Бу — баттал!
            … … … … … … … …
            Яков мэнээк барбыт өйө ханан эрэ эргийэн кэлэн, иччитин
         төбөтүн хат сырдата түһэн ааһыытыгар, кини халтаҥ таҥастаах
         аргыһа киэһээҥҥи дьыбарга титирии олорорун көрөн, улахан-
         нык  долгуйда.  Яков  аһыныык  муҥутаан  ону  тулуйара  кэлиэ
         дуо?  Туох  да  бокуойа  суох  бинсээгин  уста  биэрээт,  дьахтар
         санныгар иилэ бырахта: «Кэт, итин!»
            Таня саҥата суох бинсээги ылан көхсүгэр быраҕынна уонна
         иттэрдии, дьыбартан көмүскэнэрдии, кумуччу туттан олорбох-
         тоото.  Яков  өйүн  туомата  хат  хараҥа  былытынан  бүрүллэн,
         төбөтүн түөһүгэр түһэрэн испитэ.
            — Күүт, мин сибилигин… наадабар, — дииргэ дылыта кини

                                                                      181
   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186