Page 182 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 182
доҕоро уонна олорор сириттэн тура эккирээбитэ. Яков төбөтүн
начааска өрө көтөҕөн, өр кэппит, бөҕөтүк доҕордоспут сиэрэй
бинсээгэ дьахтар санныгар олорсон, тыа боруҥуй күлүгэр
киир сэн, элэҥнээн хаалбытын көрдө. Кини ону батыha көрбөх-
төөн баран, баһын хат төҥкөтөн, тиит төрдүгэр муннун тыаһа
буккураабытынан барда.
Яков төһө өр буолтун билбэт. Биирдэ уһуктан кэлбитэ, Та-
нята кини аттыгар суох эбит. Кини кэлбэтэх. Кэлиэх буолан
күүттэрбитин Яков чахчы өйдүүр. Өссө «сибилигин» диэбит-
тээх. Онтуката ханна баарый? Яков өссө өйдөөбүтэ, били суос-
соҕотох сиэрэй бинсээгэ муҥнаах дьахтар санныгар олорсон
тыа быыһынан элэҥнээн хаалбыта. Дьэ, ону баҕас Яков олус
үчүгэйдик өйдүүр. Онтуката ханнаный? Мэлигир. Уорбалыыр
санаа кини өйүгэр эмискэ көтөн түһэн, кинини олорор сирит-
тэн биирдэ туруору тардан кэбистэ. Саатта барахсан, кэһэй-
дэххинэ итинник буолбат буол!..
— Ама оннук үһүө?! — диэн өссө да туохха эрэ эрэнэрдии,
Яков санныгар бинсээги иилиммит дьахтар икки өттүктэринэн
оонньоон тыа диэки киирэн элэҥнээн хаалбыт сирин одуу-
ласпахтаата. «Дьахтарыҥ атаҕын суола тоҥмута, атаас, тоҥ-
мута!» — диэх курдук тииттэр суоруһаллар.
Яков барытын өйдөөтө. Төбөтө соһумардык дьэҥкэрэ ох-
сон хаалла. Кини эмискэ тапталтан оннооҕор эмискэ уһуктууга
кии риитэ ордук күчүмэҕэй эбит этэ. Ол омунугар кини маҥнай
диэки тугу гыныан, саныан булбакка, тула холоруктуу сырытта.
Онтон олорбут сирин диэки мээнэ төҥкөс гыммыта, кини бэрт
өр соһуспут, хаһан да киниттэн хаалсыбатах уонна хаһан да
хатанары билбэтэх бартыбыалын сыыһа (маны кини дьиэтигэр
таарыйан хаалларар түгэн булбатаҕа!) тиит төрдүгэр таппа-
йан сытар эбит. Яков ол таппайбыты түбэһиэх харбаан ылан,
арыйа баттаабыта, иһигэр бэрт элбэх эҥин эгэл гэ маллар
баар буолбут этилэр. Кини ону ситэ өйдөөбөккө, булкуйбах-
таан көрбүтэ, паспора, тииһэ алдьаммыт эргэ тараах элээскэ-
тэ, yhyгa тостубут харандаас уга…
«Оттон харчым?» — дии санаат, киһи өрө харбана түспүтэ,
ол бүгүҥҥү күн кини санаатын маа бэйэлээх модьурҕаппыт,
хармааныгар батыа суох айылаах хачыгырыы мөхсүбүт харчы-
та бүүс-бүтүннүү малыйбыт этэ.
— Уордарбыппын, оок-сиэ, дьэ акаары да эбиппин! — диэн
саҥа аллайда Яков. Кыраны да уордарар улахан кыһыылаах.
Оттон Яков тириитин кытта сүллэрбит кэриэтэ буолла. Көнө
уонна уолҕамчы киһиэхэ бу олус ыар этэ. Киһи ыгылынна,
182