Page 184 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 184

муннунан  тыыран  көҥүлү  көрбүт.  Кини  онно  элбэҕи  сүтэрэн,
             бу олоҕун хат саҕалаан эрэр дьүһүнэ эбит…
                Дьэ икки итинник саастарынан хойутаабыт соҕус дьон ин-
             ституту  бүтэрэн  эрдэхтэрэ,  оччолорго,  сэрии  саҕанааҕы  би-
             риэмэҕэ,  биир  тэҥ  эдэр  саастаах  ыччат  ортотугар  caahыран
             эрэр  дьон  киирэн  кыбытта  сылдьаллара  соччо  толоос,  соһу-
             мар курдук көстүбэт этэ.
                Яков  доҕорун  уутун  харыстаан  балачча  сөҥөн,  хам-баач-
             чы  сыппахтаан  иһэн,  өйө-санаата  хат  тырыта  тыытыллан,
             бэҕэһээҥҥи хартыыналар хат көбүтэлээн кэллилэр. Ону саба
             баттыы сатыыр күүс Яковка тиийбэтэ. Күлүк иһигэр элэҥнээн
             киирэн иһэр сырдыктыҥы бинсээк сүрэх бааһын эбии бэргэттэ,
             онуоха били Иирик Күлүүкэбис: «Ити сутуруккунан бинсээккин
             көмүскэниэх этиҥ буоллаҕа дии», — диир тумсун тууһа, күлэн
             алларастыы турар айаҕын абата санааны эбии алдьатта. Яков
             кыайан тулуйбата, хата, мөхсөн, уһууран, оронугар эргийбэх-
             тээн киирэн барда. Ол мөхсө, охсуолана сытан, баһыгар турар
             туумба үрдүттэн уу испит куруускатын уонна ханнык эрэ кини-
             гэлэри, биир кураанах бытыылканы алҕас тоҕу сотон түһэртээ-
             тэ.  Бэйэтэ  соһуйан  хаалла.  Ян  Амос  Коменскай  туһунан  тугу
             эрэ  түһээн,  доцент  Федот  Степановичка  бэрт  эрэйинэн  эп -
             пиэт тэһэ сытар Пал Палыч уһукта биэрэн, хата, улаханнык үөр-
             дэ.  Кини  олус  тириппит,  уҥуох  уҥуоҕа  халыр-босхо  барбыт.
             Яков  кинини  эрдэ  уһугуннарбытыгар  сорох  кыыһырыа  эбит,
             оттон Пал Палыч, хата, эрэйиттэн быыһанан үөрэ санаата.
                — Дьэ,  бу  Ян  Амос  Коменскай  миигин  экзамеҥҥа  хайаан
             да эрийэригэр тиийдэ быһыылаах, түүлбүттэн-биппиттэн арах-
             сыбат буолла, — диэн баран Пал Палыч, куолутунан олус диэн
             итиитик  мичээрдээн,  түспүт  инники  биир  тииһин  онно  сүр
             көрүдьүөстүк оҥойон көһүннэ.
                Яков, уруккута буоллар, туох эмэ көрүдьүөһү тоһуйа хоруй-
             даан, иккиэн күө-дьаа буолан уһуктан туруо этилэр, ону баара
             кини  бу  сырыыга  көҕү  көтөхсүбэккэ,  арбы-сарбы  сытта.  Пал
             Палыч киһитэ туохтан эрэ санаарҕаабытын сонно тута сэрэйдэ.
                — Дьэ,  мин  иэдэйэн  кэлэ  сытабын,  —  диэн  Яков  сонунун
             саҕалаабытынан барда.
                Яковы халаабыт дьахтар остолобуойга үлэлиибин диэбитин
             өйдөөн, кэрийэн булан ыйыталаспыта, Михеева Татьянаны ми-
             лициялар эмиэ көрдүүллэр, элбэх киһиэхэ куһаҕаны оҥорбут
             уоруйах эбит. Биир күн эмискэччи көрсө түһэр.
                Кини  өссө  эргийбэхтии  түһэн  баран,  маҕаһыынтан  тахсан,

              184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189