Page 185 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 185
библиотека диэки эргиллиэх буолта, соһуйан, хайдах эрэ
соҕотохто чугурус гына түстэ. Алҕаһаатым дуу диэбиттии, ха-
раҕын сотто-сотто одууласта. Кини. Гастроном иннинээҕи тро-
туар кытыытыгар Таня, хантан күөрэйбитэ биллибэккэ, субу
аһаҕастык уонна бэрт холкутук нөрүччү соҕус туттан, биир хара
бэкир киһини кытта сүр холкутук аргыый ботур-ботур кэпсэтэ
турар. Кини, бэл, таҥастыын уларыйбатах. Били үнүргү үрүҥ
куоптата, бүлгүнүгэр олорбут тэтэркэй ойуулара күн уотугар
эбии тупсан, киһи хараҕын хаадьылаан, атын үлүгэрдик дьэрэ-
лиһэн көстөллөр.
Ону көрөөт, били, экзамен да, тылбаас да Яков өйүттэн
соҕотохто көтөн хааллылар. Яков, тыын ыла таарыйа тохтоон
турбахтаата, онтон көстүүмүн тупсарынна, букатын атын үлү-
гэрдик чинэччи туттан кэбистэ. Бэйи, үнүргү Яков буолбатах.
Бу сырыыга баҕас атыннык көстөр ини. Инньэ дии санаан
баран, дьахтары аттынан соҕус кэлэн ааста, арыый aaha бат-
таан, кэннинэн эргилиннэ. Ол курдук көстө-көстүбэттик ат-
тынан хаста да ааһыталаата, били булчут киһи талах быыһыгар
кирийэ сытар куобаҕы туран куоппатын диэн эргийэ хааман
ыларыныы, биһиги киһибит төгүрүйэ хаампахтаата (Яков оҕо
эрдэҕинэ куһаҕана суох булчут этэ). Ол да буоллар, хата, «куо-
баҕа» соччо кирийбитэ биллибэтэ, ону ааһан кини, Яковы эр
киһи курдук санаан, иҥин да таттаран көрбөт быһыылаах. Яков
онтон абалана санаата. Өссө чугаһаан, хабырыйа соҕус кэлэн
ааста. Бу сырыыга баҕас биллэ ини. Билиэхтээх. Ама, бач-
ча күн сырдыгар бүтүн киһини көрбөтөҕөй? Көр, ити баҕас
чахчы көрдө. Ол үрдүнэн кинини букатын таһаҕаска холоммот
быһыылаах. Куолутунан, туохха да кыһаллыбатах курдук туттан,
уҥуоҕунан балачча үрдүк, сарыннаах соҕус, күүһүн-уоҕун үгэ-
нигэр сылдьар күтүр нөрүллэн турар. Яков дьүһүнүн сирийэ
көрбүтэ, — били кини төбөтө холоруктуу сылдьан умсугуйбут
Танятыттан ыраах атын эбит. Ордук харахтара тымныытын,
хаа на-сиинэ тыйыһын кини таба көрбөтөх. Иэдэстэрин этэ
хайдах эрэ ииммит, кубарыйбыт соҕус буолан көстөр.
Таня, Яковы өр кэтэһиннэрэн баран, кэмниэ-кэнэҕэс кэпсэ-
тэн бүттэ. Ону көрөөт, Яков, кырыллыбытынан хаарты курдук,
сабыс-саҥа көстүүмнээх киһи дьахтар иннигэр соҕотохто баар
буола түстэ.
— Ах, Яша! — диэн баран, Таня уоһун кырыытынан мичик
гынна, тоҥ, тымныы харахтара күн уотугар чаҕылыһан, хайдах
эрэ ирэн ыллылар.
185