Page 189 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 189
саабаттар, онтон тугу эрэ ыйытыһардыы бэйэ-бэйэлэрин көр-
сүмэхтииллэр. Онтон көрдөххө, кинилэр иккиэн биир боппу-
руоһунан эрэйдэннилэр быһыылаах. Ол да буоллар киһилэрин
саҥата суох батыһан, тахсар ааҥҥа кэлэн тохтоон, аргыый
ботур-ботур кэпсэттилэр.
— Ити мин сүппүт бинсээкпин кэтэн турар киһи быһыы-
лаах, — диэн маҥнай Яков сибис гынна.
— Оттон бүрүүкэтэ миэнэ быһыылаах, адьас үкчү миэнэ эрэ
буоллар билиэм, бэлиэлээх, ис биэтэһэ, ис биэтэһэ… — диэн
иһэн, ол ис биэтэһэ туохтааҕын эппэккэ, Дормидонт тохтоон
хаалла.
— Кырдьык даҕаны! — диэн Ганя саҥа аллайда. — Оччоҕо
хайыыбыт, сибилигин тахсан бараары турар киһи буолбат дуо?
— Куотара буолуо аны! — букатын уҥуохтара халыр-босхо
баран титирэс буолбут Яков ыксаата.
— Тыллыахха, Бориска киириэххэ, эн таҕыстаҕына, манна
тохтотоор, — диэн бухатыырдарын, Ганяларын, ааҥҥа туруо-
ран кэбистилэр. Ганя, айылҕаттан олус сымнаҕас, үтүө май-
гыннаах барахсан, ороспуойу хайдах тохтоторун сатаан өй-
дүөбэккэ, дьулайбыттык көрөн, ааҥҥа кискэйэн туран хаалла.
— Өр буолумаҥ! — диэн доҕотторун тиэтэттэ. Яковтаах
Дормидонт сержаннарыгар, тылларын былас түһэрэн, аҕы-
лаан-мэҥилээн киирэн, туох буолтун тиэтэлинэн кэпсээтилэр,
кэпсээтилэр да буолан, бэйэ-бэйэлэрин аанньа саҥарпакка,
тыын быһаҕаһынан тылластылар, сүтүктүүр таҥастарын оннук
бэлиэлээҕин, маннык бэлиэлээҕин, хара сап абырахтааҕын,
үрүҥ сабынан сабы тардыылааҕын, быһыта-орута да буол-
лар кута-симэ сатаатылар. Хаҥас хармааны бөппүрүөскэ уота
эчэппитэ кытта умнуллубата.
Киһилэрэ эмиэ уларыйа түстэ. «Көрдөрүҥ, ханна баа-
рый?» — диэт, ойон турда. «Оо, аны сыыһа буолан алдьархай
тахсыа!» — диир санаа Яков өйүгэр охсуллан ааста.
— Дежуркаҕа, сибилигин бараары турар.
— Чэ, көрдөрө охсуҥ!..
Кинилэр үһүөн батыаккалаһан тахсыбыттара, киһилэрэ, кыр-
дьык, дежуркаттан номнуо босхолонон, тахсар ааҥҥа, вело-
сипедын соспутунан кэлэн, Ганяттан иҥнэн турар эбит. Ганя,
букатын ыксаабыт дьүһүннээх, тохтото сатыыр курдук, тоҕо
тохтоторун аанньа быһаарбат быһыылаах, төрүт кыһыл киһи,
сирэйэ эмиэ дьэс алтан буолан хаалаахтаабыт.
Сержант сүүрэн тиийэн, хара бэкир киһини соҕотохто эр-
гилиннэрэ тарта.
189