Page 192 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 192
Ааҕыы, сэһэргэһии
КЫЫС ҮӨРҮҮТЭ
Өксүүнньүйэ бүгүн кыыһын сүтэрэн кэбистэ. Кыыһа маа-
ҕыын сарсыарда оскуолаҕа барбыта, ол айыыта онон. Күүт
мэлигир, күүт мэлигир! Эбиэт буһан баран илдьирийдэ, ил-
дьирийэрин ааһан уолла, ону ааһан сойдо. Барбыт киһи кэлиэх
кэмэ буолла да, кэлбэтэ.
«Ханна улдьааран хаалла», — диэн бастаан эмээхсин мөҕүөх
курдук буолла, кэнники куттанан барда…
Аҕамсыйа барбыт, билигин пенсияҕа олорор, ыарытыган,
огдообо дьахтар соҕотох биир кыыстааҕын сүтэрэн, куттанара
да баа буолуо дуо?
Кини өрө олорор куруһубатын ньилбэгэр ууран баран, тол-
куйдаан көрдө.
«Кыыһым хайдах эрэ моһуогурда ээ», — дии санаата. «Суох,
моһуогурдаҕа», — бүтэһиктээхтик түмүктэннэ. Тохтуу биэрдэ.
Бу санаан көрдөххө, оһол да элбэх буолсу. Мэник оҕо уйу-
һуйбут сыарҕалаах акка да былдьатыыһы, ытырыык ыт да ту-
тууһу. Бу халтараан саҕана тротуар да дэҥнээх буолсу, онуоха
эбии сорох хаптаһыннара бэйэлэрэ да күөрэ-лаҥкы түһэннэр,
эчи улахан да киһи эчэйиэх курдук. Оттон массыына… «Һуук», —
диэт, эмээхсин чараас сирин — сүрэҕин харбанна. Ситэ дьу-
латыан иһин, ханна эрэ, кырдьык, массыына мэҥирээмэхтээн
баран, өрө куугунаан-курулаан ааста.
…«Уу эмиэ улахан кутталлаах, баҕар өрүскэ»… — дии са-
наан иһэн тохтоото, өйдөөбүтэ — хаар хамсыы, муус уулла
илик эбит.
Өрө тыынан баран турда. Куруһубатын остуолга бырахта,
уон сыл сүтэрбэккэ илдьэ сылдьан өрбүт иннэтэ муостаҕа
кылыр гына түһэн, ойбохтоон баран, муоста быыһыгар кыл
мүччү түһүөхчэ түспэккэ, биэрэҥнии сытта.
Өксүүнньүйэ ону харайбакка ыалларыгар таҕыста.
Өрөн испит куруһубата остуол кытыытыгар биллэҕэ түһэн,
сайыспыттыы санньылыҥныы хаалла.
Өксүүнньүйэ онно эргиллэн көрбөтө…
Тахсыбыта ыаллара аа-дьуо чэйдии олороллор.
— Мин кыыһым бу диэки биллибэтэ ини?
— Эчикийэ суох!.. Суох манна… — дьиэлээх хотун, кыыс
кырдьык суоҕун итэҕэй диэбиттии, дьиэтин иһин эргим-ургум
көрүтэлээтэ.
192