Page 197 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 197

поэт  портретын  көрө  олорон,  кини  «Өйдөбүнньүгүн»  өйүттэн
         хат чоргуччу ааҕан, күөдьүйэн кыһыл хаалтыстыын, хаанныын-
         сиин ниин тэтэрэн киирэн барбыта.
                                                                   1938 c.



                Тылбытын байытабыт

               Кыл тыынынан тэбинэн — түргэнник сүүрэн.
               Уйаара-кэйээрэ  суох  кэҥээри  —  манна:  мээнэ  элбэҕи  кэпсэ-
            тээри.
               Тардылык таҕыста — хойутааһын буолла.
               Дьуугулаан билбэтэ — быһааран билбэтэ.
               Александр  столпата  —  Александр  ыраахтааҕыга  анаан  туруо-
            руллубут үрдүк өйдөбүнньүк бэлиэ.


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

               Кэпсээн  суруллубут  кэмэ,  төһө  да  ырааппытын  иһин,  ийэ
            барахсан оҕотун туһугар долгуйуута — билигин да баар суол.
            Суруйааччы  ону  хайдах  арыйарын,  холобурдарга  олоҕуран,
            сыанабыл оҥорорго үөрэниҥ.


                                                        ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

            1.  Кэпсээн суруллубут кэмин туоһулуур өйдөбүллэри быһаар-
               сыҥ.
            2. Суруйааччы кэпсээнигэр сыанабылы оҥоруҥ.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

               «Ийэ  сүрэҕэ  долгуйбатын»  диэн  публицистика  киэбинэн
            (жанр) суруйууга күрэхтэ тэрийэн ыытыҥ.



         Аах. Бил. Туһан
            1.  Заболоцкай Н. М.  Үйэ  аҥаарыгар:  ыстатыйалар,  ахтыы-
               лар. — Дьокуускай: Кинигэ издательствота, 1984. — 240 с.
            2.  Заболоцкай Н. М. Мин Сүрэх хайам. — Дьокуускай: Кини-
               гэ издательствота, 1978. — 256 с.

                                                                      197
   192   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202