Page 200 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 200

Күөл уҥуop, киллэм киэҥ хочоҕо
                              Үрдүк бэс ойуур турбута,
                              Онно сирэмҥэ, көмүс ачаҕа
                              Биир баай ыал олорбута.
                              Кини аартык аайы аатырбыт,
                              Суол-суол аайы сураҕырбыт
                              Үрдүк өһүөлээх, киэҥ тиэргэннээх,
                              Yгүс чaҕap, кулут кэргэннээх
                              Дуолан диэн Туймаада баайа.
                              Киниэхэ туох барыта баара:
                              Киниэхэ барҕа баай, үрдүк соло,
                              Yc сахам сүтэрбит дьоло;
                              Арай cyoҕa биир: киһи диэн чиэһэ,
                              Киһи Ийэ сиригэр иэһэ.
                              Аҕата Арылыас Саарга биллэн,
                              Көмүс куортук ылбыта үhү.
                              Аата Apacсыыйаҕa иһиллэн,
                              Taҥapaҕa ахтыллара үhү…
                              Биир атастаах эбит Тойон Дуолан:
                              Баайа суох, аата суох ыал уола,
                              Ол Эрилик диэн дьикти уолан,
                              Кини — Айталы Куо чугас ыала.
                              Уолан Эрилик ытык ыал буолбатах,
                              Төрүт ыал төрүөҕэ буолбатах.
                              Apaй төрдүгэр баара сүдү киһи:
                              Таҥаралаах халлаан таҥхаһыта,
                              Дьыллаах күнүм дьылҕаһыта,
                              Сүдү бөлүһүөк эбитэ үһү.
                              /…/
                              Уолан Эрилик ону утумнаан:
                              Дьулуура — үрдүк, модун — санаата,
                              Бар дьон үтүө көҥүлүн илиннээн,
                              Олоҕун охсуһууга анаата.
                              Xahaн эрэ бу хочоҕо Уолан
                              Тойон Дуоланныын оҕо буолан,
                              Иккиэн бииргэ оонньууллара,
                              Бииргэ кыыһы сыгаанныыллара.
                              Ол бэйэлэрэ аны өстөөхтөр,
                              Үтүмэн өһүөн өйдөөхтөр…

              200
   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205