Page 204 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 204

Toҕo үктэтэн сонордооннор,
                            Абыр-табыр ол сиэллэрэннэр
                            Айаннатан аххан иһэллэр.
                            Эрилик ат үөһэ ыстанна,
                            Эрдэҕэс улардыы хатанна.
                            Кыыныттан, килбэчийбитинэн,
                            Кылыһа лыҥкыр гынна.
                            Ойо биэрэн уйуһутта,
                            Уун-утары дьигиһиттэ.
                            Тэлээрдилэр. Көтүөн аттара
                            Күөннэринэн үтүрүстүлэр,
                            Xапсаҕай болотторо
                            Халтарыһан түстүлэр…
                            Уонна аймалҕан бүппүтэ,
                            Айталы суола сүппүтэ.
                            Ол ким эрэ иһэр. Уолан.
                            Били хатыҥҥа кини кэлбитэ.
                            Эргим-ургум көрөн, ол уолан
                            Арай кими да булбата.
                            Хааннаах кылыһын төлө түһэрдэ.
                            Иэгэйэн, сөһүргэстии түстэ…
                            Таптыыр аатын кини ыҥырда.
                            Сатараан саҥата сүттэ…
                            Биллэ: Дуолан дьоно сылдьыбыттар,
                            Айталыны уоран ылбыттар.
                            Арылыас уола — Тойон Дуолан
                            Саха кырасаабыссатын уоран,
                            Айдаан төрдүн адаҕыппыта,
                            Түрүлүөн бөҕөнү төрөппүтэ.
                            /…/

                            Ол курдук талба Сайсарыбар,
                            Доҕорун көрсөр сиригэр,
                            Арыт Уолан кэлэн аарыыра,
                            Аҥаардастыы кэлэн санааргыыра.
                            Онтон ыла ол Эрилик диэн
                            Ойуурга, тыаҕа caһap буолбут:
                            Оо, сүрэҕэ абанан туолбут,
                            Өйүгэр уһуктубут өһүөн…
                            Ким алаһа дьиэтиттэн бapбыт
                            Киниэхэ холбоһор буолбут.

              204
   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209