Page 208 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 208
Тойон Дуолан
Кылыһыҥ хааннаах…
Уолан Эрилик
Саҥарыма. Эһи ыйааххыт —
Самныбыт утарбат диэн,
Этэ oҕyc диибин — ээххин,
Эбэтэр саманна умсуоҥ!
Тойон Дуолан
Андаҕайдым айыы күнүнэн,
Айыыттан араҕар муҥунан,
Анаарбыт тылбын кэстэхпинэ,
Албыны эппит буоллахпына —
Көмүс биир туһаны айбакка
Күн анна көдьүүһэ суох сылдьыым,
Алгыстаах алаһа туппакка
Аҥаардас сорунан өлүүм.
Уонна куппун халлаан ылбатын,
Өлүкпүн сир ийэ уйбатын,
Кэннибэр кэриэһим хаалбатын,
Кэнэҕэс мин ааппын таайбатын…
Уонна Дуолан оҕо уостарынан
Оһол кылыһын уураата.
Хааннаһар эмиэ абаларынан
Хаана быһыттан уҕараата…
Уолан Эрилик
Бар, сааттаах кут!
Тойон Дуолан
Уруй!
Уонна кини сүттэ.
Ый сырдатар күөх арыылары,
Kөҕөрөр чуумпу хонуулары,
Дьолкума хайатын үрдүгэр,
Умуллан эрэр уот сырдыгар
Дьурус халлаан сулустаах имэр
Тобуктаан туран киһи үҥэр…
Туохха кини кута долгуйда?
Туохха улуга уйгурда?
Ойуулуур дуу ааспыт күнүн,
Эбэтэр кэлэр кэскилин?
Оо, суox! Кини үрдүк сулуспар
208