Page 207 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 207

Аргыый… ааттаһа сүгүрүйэр,
                        Саҥата суох абанан туолан.
                        Уонна көрдөстө Тойон Дуолан:
                        — Намырый нии, уордаах Уолан!
                        Аны иннигин быһыам cyoҕa.
                        Аһыный. Аҕам толуйуоҕа
                        Ахсаана биллибэт баайынан,
                        Аарыма албан аатынан…
                        Уолан  Эрилик
                        Эйигин кытта аҕаҥ аата,
                        Арылыас халабыр баайа
                        Суох эрэ буоллаҕына, биһи
                        Оо, маарыннаһабыт үһү.
                        Айталы Куону күн тахсыыта
                        Иэримэ дьиэтигэр илдьиэҕиҥ,
                        Тылгыттан дьыала арахсыыта —
                        Сэрэнээр. Иккинэн ирдиэҕим.
                        Баҕаp, эн албыҥҥар эрэниэҥ.
                        Сэттиһин сиирэ ыттарыаҥ,
                        Ахсыһыгар ahapaн биэриэҥ,
                        Toxcyhyгap дуо? — Тобуктатыам…
                        Эн тугунан толунуоххунуй —
                        Дьон дьолун, сырдык эрэлин,
                        Икки атахтаах итэҕэлин
                        Иҥнэрбэккин? Тугу диэххиний?
                        Тойон  Дуолан
                        Эйигин утарбаппын,
                        Элэ тыл андаҕарбынан…
                        Уолан  Эрилик
                        Итэҕэйбэппин андаҕаргын,
                        Эрэнэбин таҥнараргын…
                        Ол эрээри: утардахпына —
                        Сиртэн имири эстиим диэн
                        Кылыспар андаҕайдаххына,
                        Бaҕаp, caxаҥ иһин, ордуоҥ…
                        Уонна иэмэхтии ньаймалдьыта
                        Илбис кылыһын ууна турда,
                        Күннээх түүнүм күлүгүн тыга
                        Көлдьүн болото күлүмүрдэ.

                                                                      207
   202   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212