Page 210 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 210

Э р и л и к
                              Тыый! Тойон Дуолан?!
                              Оттон андаҕара?..
                              Кылыспар туонан
                              Кыраммыт тыллара?
                              Нуучча
                              Эйигин биллим! Ураганныын
                              Oxcyhyy төлөнөр билэрим.
                              Эйигин нарын кыыс санааргыыр
                              Хараҥа xapaҕap көрөрүм.
                              Ахтар Айталы yohyгap
                              Аатыҥ эйиэнин истэрим.
                              Өлүүм-сүтүүм бу cyohyгap
                              Эйигин үөрэ… көрсөбүн.

                              Онуоха уордаах дьон уолуйан
                              Оҕолуу буолан хаалбыттара.
                              — Айталы Куону билэҕиэн? — диэн
                              Тула туран хаайбыттара.
                              Уонна кинилэр сэргээтилэр, —
                              Оо, куру-сары сэҥээрдилэр.
                              Н у у ч ч а
                              Тойон Дуолан Айталы Куону
                              Тоҕус дьиэ түгэҕэр дьуоҕурта,
                              Кимиэхэ да биллэримээри
                              Киэҥ чертогар саһыарта.
                              Онно үрүҥ эһэ маныы сытар.
                              Үрүмэ көмүс күөлүм баар,
                              Хара саарбаҕа саһан сүтэр
                              Хараҥа сырдык гарем баар.
                              Онно киирэр-тахсар суолугар
                              Кэрэмэс саһыл үктэллээх.
                              Утуйар, олорор xohyгap
                              Умайар саарба нуукталлаах…
                              Онно кыыс-сэлэ киэһэ-сарсыарда
                              Кини санаатын көнньүөрдэ,
                              Кыталык курдук, арыаллаһар,
                              Kыйа сылдьан ыллаһар.
                              Арыт түөрт уон хоту омугум
                              Үҥкүүтэ диэн көтөллөрө,
                              Сэттэ уон түүн үөһэ сулуһум
                              Дьиэрэҥэ диэн тэбэллэрэ.

              210
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215