Page 205 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 205

Ким дьаһааҕы, сокуону утарбыт
                        Кини санаатынан туолбут.
                        Онтон күн-дьыл устан барбыта.
                        Уолан ыраатан сураҕырбыта
                        Айыылыы амарах санаатынан,
                        Абааһылыы адьырҕа хаанынан,
                        Дьадаҥы дьоннор ол киһини
                        Албан аатынан арбаабыттара,
                        Баай дьоннор, хаһаактар кинини
                        Баһааҕырдан сайыалаабыттара.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  «Сөбүлээтэ — сүгэһэрдээх да буоллун! Таптаата — тайахтаах
               да буоллун!»: Айталы Куо кими талла? Тоҕо?
            2.  Уолан Эрилик уонна Айталы Куо үйэлээх ыраас тапталла-
               рын туоһулуур тыллары булан ааҕыҥ.
            3.  Айымньы  сөллүүтэ  Айталы  Куону  Тойон  Дуолан  уоран
               барыытыттан  саҕаланар:  «Айдаан  төрдүн  адаҕыппыта,
               Түрүлүөн  бөҕөнү  төрөппүтэ».  Айымньы  маннык  сюжеттаа­
               ҕа фольклор хайа көрүҥүн санатарый?
            4.  «Айыылыы  амарах  санаатынан,  Абааһылыы  адьырҕа  хаа-
               нынан»  диэн  Уолан  икки  утарыта  майгытынан  сураҕыра-
               рын тугунан быһаарыахха сөбүй?

                                  Иккис ырыа

                        Уолан ахса суох охсуһууларга
                        Олох таҕылын умнан барбыт,
                        Өстөөхтүүн дьулаан киирсиилэргэ
                        Күнүн, олоҕун кэлтэй биэрбит.
                        Биирдэ, эмиэ кыргыһыы кэмигэр
                        Айталы Куо илдьитэ кэлэр,
                        Онно cүpэҕэ түһэр чөлүгэр:
                        Таптал, үөрүү бииргэ тэбэр.
                        Илдьит Уолаҥҥа маннык этэр:
                        Дуолан Айталы Куону уоран,
                        Кистэллээх киэҥ уоругар саһыаран,
                        Ааныгар хаһаагы манатар…



                                                                      205
   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209   210