Page 201 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 201
Этиһии, иирээн төрүөтүнэн
Буолбут Туймаада талба кыыһа,
Айдааны аламай кэрэтинэн
Адаҕыппыт аньыыта суох дууһа…
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Улахан Туймаада олохтоохторун туһунан сэһэргэһиҥ:
— Ийэ уонна кыыс олохторун туһунан кэпсээҥ.
— «Арай суоҕа биир: киһи диэн чиэһэ, Киһи Ийэ сиригэр
иэһэ» диэн ким туһунан этиллэрий?
— Уолан Эрилик төрдүгэрууһугар кимнээх эбитий? Кини
ту һунан «Дьулуура — үрдүк, модун — санаата» диэн этии ни
быґаарыІ.
II
/…/
Yc түүннээх күнү сүбэлэһэн
Биир маннык түмүккэ кэлбиттэр
(Ол сүбэҕэ бары сөбүлэһэн
Бары үрэй-тарай барбыттар):
Тойон Дуолан саха бастыҥ ыала,
Арылыас баай соҕотох уола,
Ол эрээри кини кэргэннээх эбит,
Кэргэнин аата маннык эбит:
Үтүө хотун Үчүгэй Өрүүһэ,
Саха биир талыы-талба кыыһа.
Оттон Эрилик тулаайах киһи,
Иэримэ дьиэ, сүөһү суох үhү,
Кини бухатыыр киһи бодолоох,
Этиэхтэн эдэр кэрэ бэйэлээх,
Кини Айыы Дьылҕаһыт удьуора.
Улуу киһиэхэ кини дьүөрэ…
Дьэ онон кыыс бэйэтэ талыахтаах,
Биир таптыырыгар кэргэн тахсыахтаах:
Сөбүлээтэ — сүгэһэрдээх да буоллун!
Таптаата — тайахтаах да буоллун!
Биирдэ Арылыас итини билбит.
Дуоланы ыҥыртаран ылбыт,
201