Page 196 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 196
Ити хара хаатыҥката урут бириэмийэҕэ кэлбитэ, ыраас
сии дэс ырбаахыта, ол таһынан түһэриммит кыһыл хаалтыһа
бэйэтин киэннэрэ, чулкута эмиэ — тобугун аннынан саба уур-
бут кыра абырах сиигиниин — уруккутунан сылдьар. Кыыһа
тугу да ылан кээлтин өйө хоппото. Онуоха эбии сибилигин
аҕай өйө сынньыллан тахсан, төбөтө убаҕас ымдаан курдук,
дьалкыҥнас буолбут. Өйдүүрүн да өйдүө суох, билэрин да би-
лиэ суох. Остуол, кырабаат да үрдүгэр туох эмэ боччумнаах
ууруллубута көстүбэт.
Ийэтэ сэрэйиэ суоҕун билэн, кыыс сыттыгар сүүрэн тиийэн
биир халыҥ, кыһыл көмүс суруктаах кинигэни сулбу тардан
таһаарда.
— Бу баар Пушкин кинигэтэ! — диэн баран кинигэтин ийэ-
тигэр уунна. Ийэтэ онуоха өмүрэ сыста:
— Айыы, ханна суох кумааҕыны!.. Хата, мин хаатыҥка эҥин
буоллаҕа дии санаабытым!
Кыыс курус гынна, хаана сирэйигэр саба охсулунна, ха-
раҕыттан уу ыгылынна, хамсыах да бокуойа суох буолла. Он-
тон кыыс кытара кыыһан, тыыннаах күөх сибэккилии тыргыл-
лан, тобуга ибир-ибир титирэстии-титирэстии, улуу Пушкины
утары ууммутунан, саҥата суох тураахтаата. Онтон көмөлөһүҥ
диэбит курдук, түннүк үөһэ өттүн, дьиэ үрдүн көрбөхтөөтө. Ки-
нигэтин бэйэтин диэки эрчимнээхтик тардынан ылла.
Ийэ сүрэҕэ амырах. Тугу оҥорбутун өйдөөтө. «Туох иһин
оҕобун бачча хомоттум», — дии санаата. «Оок-сиэ, бэйэм
даҕаны киһи бөҕөбүн!.. Күтүр, үөрэнэн хаалбычча…» — диэн
аны бэйэтин мөҕүнэ сананна.
— Таня! — оргууй аҕай ыҥырда. Кыыс саҥарбата. Эмээх-
син кыыһын бэйэтигэр сыһыары тардан ылла, сып-сымнаҕас
баттаҕыттан имэрийдэ, сыллаата-уураата. Онтон букатын уос-
кутардыы, кыыһа тутан турар кинигэтин арыйбахтаата, боту-
гураата:
— Киһи оонньоон эппитин аайы кырдьыктаныма… Үчүгэй
баҕайы кинигэ эбит: суруга эҥинэ кыһыл көмүс… сырыы
аайы сыаналааҕы биэриэхтэрэ дуо?.. Ким диэтиҥ аатын? Ээ?
Сыччыай?..
Таня уһун кыламаннарыгар быкпыт төп-төгүрүк таммах
уулар, кыысчаан бэйэтин курдук, бэрт чэпчэкитик, дөбөҥнүк
сиргэ ойон хааллылар.
Хомойууну үөрүү тута солбуйарын саҕа үчүгэй баар буо-
луо дуо? Кыыс кинигэтин кууспутунан остуолга дьэргэйэн кэ-
лэн олорунан кэбистэ уонна күндү бэлэҕи хат арыйан, улуу
196