Page 194 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 194

кинигэ  кыбыныылаах  дьиэтигэр  сүүрэн  дьэргэйэн  киирбитэ.
             Ааны  тэлэйэ  баттаат:  «Ийээ!»  —  диэбитэ  да,  саҥа  суох  этэ.
             Арай  таас  иһиттэр  эрэ  чап-чараастык  «Ийээ»  диэн  үтүктэн
             чаҥкынаспыттара.
                Оҕо  үтүлүгүн,  бэргэһэтин  устаат,  соннуун,  суумкалыын
             туран,  аҕалбыт  кинигэтин  халыҥ  таһын  арыйбыта.  Бастакы
             сирэйгэ,  будьуруйбут  баттахтаах,  икки  сыҥааҕын  батыһа  су-
             лардыы үүммүт көп бытыктаах, эрдээхтик турулуччу өрө көрөн
             олорор киһини одууласта уонна, өрө эккирии түһээт, кинигэни
             түөһүгэр  кууспахтаата.  Онтон  хат  көрөн  баран,  «Александр
             Сергеевич»  диэн  сибигинэйдэ.  Уонна  кыыс,  Пушкин  портре-
             тын  курдук  туттан,  өрө  кэҕис  гынан  баран,  бэйэтин  тылынан
             сахалыы аахпыта:
                        Мин памятник туруоруннум айар тылбынан,
                        Киниэхэ суол сабыллыа суоҕа норуоттан,
                        Өрө үүнэн үрдээн, кини бардам баһынан
                        Александр столпатын куотта.
                Онтон турбахтыы, өрө тыыммахтыы түһэн баран, эттэ:
                        Мин уһуннук таптатыам, бар дьоммор, норуоппар,
                        Үтүө иэйиилэри лиранан уйгуурдан,
                        Дохсун үйэбэр көҥүлү туойбуппар —
                        Умсубут бииһин уруйдаан.
                «Кырдьык  эппиккин,  Александр  Сергеевич,  эн  туойбут
             көҥүлүҥ  кэлэн  турар,  омук-омук  барыта  миигин  бэйэтин
             тылынан  ааҕыа,  арбыа  диэбитиҥ.  Ол  туолла.  Эн  туойбут
             көҥүлүҥ, миэхэ, саха быыкаа кыыһыгар, үөрдэхпиэн!» — диэн
             кыыс бүгүн бириэмийэтин ыларыгар эппит тылын өйдөөтө. Ки-
             нигэтин  оргууй  кууһан  илдьэн,  тобугар  ууран  олордо,  арый-
             бахтаата.  Онтон  «Т.Л»  диэн  быысапкалаах  маҥан  сыттыгын
             анныгар кистии ууран кэбистэ — бу Пушкин хаһан эрэ айбыт
             куруук эдэр саҥа Татьяната.
                Кыыс ийэтин күүппэхтээтэ. «Ийээ, миэхэ туйгуннук үөрэнэ-
             рим иһин Пушкин өлбүтэ сүүс сыла туолуутун ытыктыыр күҥҥэ
             бириэмийэ  кэллэ»,  —  диэн  кэпсиэн  баҕарбыта  сүрдээх  этэ.
             Ону баара — ийэтэ сүтэн хааллаҕа.
                Куукунаҕа  баран,  сойбут  эбиэтин  киллэрэн,  тэриэлкэтигэр
             миин кутунна: «Аһыам дуу, күүтүөм дуу?» — дии санаамахтаа-
             та, ньуоскатынан остуолу лоһугуруппахтаата, онтон: «Чэ, аһыы
             олоруохха!» — диэт, аһаан-сиэн мотуйбутунан барда.
                Аччыктаан  кэлбит  кыыс  ньуоската  күөрэҥнээмэхтээн  эрэр
             бириэмэтигэр,  биһиги  дьоммут  мөккүөрдэрэ  үрдүк  чыпчаал-
             га  тахсыбыта.  Ханна-ханна  кыыһы  тириэрпэтилэр?  Дьиэ  кы-

              194
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199