Page 209 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 209
Aaҕap дьылҕатын суолларын,
Арыт сэргиир хааннаах кылыстар
Хапсыһан түһэр тыастарын.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Аҕам толуйуоҕа Ахсаана биллибэт баайынан, Аарыма ал-
бан аатынан…» — ким туох санаалаах этэр тылларай?
2. Тойон Дуолан туох диэн андаҕайда?
3. «Туохха кини кута долгуйда? Туохха улуга уйгурда?» —
дьоруой уйулҕата хамсааһынын быһаарарга холонуҥ.
III
Ыраах көстөллөр: болотторо
Килбэҥнээн элбэх күлүктэр,
Билбитэ: көҥүл уолаттара,
Кини доҕотторо эбиттэр.
Тыый… Тугу эрэ көтөхпүттэр,
Toҕo эрэ сиһик буолбуттар…
Бааһырбыт бухатыыр киһини
Аргыый өйөөн сытыардылар.
Хаана саккырыыр. Кинини
Биһи доҕорбут диэтилэр.
Онуоха кылыс лыҥкыр гынна,
Өрө килбэйэн көһүннэ —
Түһэн иһэн тохтоон хаалла,
Дьигис гынна, кини таалла.
Хааннаах илии суостаах дьулуурун
Ханнык аҥала халбарытта?
Туох дьоло нуучча бухатыырын
Дьай өлүүтүн дьалбарытта?
Д ь э р г и л э
Аргыый да, аташкаан оҕунна,
Саха, саргыҥ самынна…
Биһи кириэппэспит умайда.
Тоҕус уон хорсун умайда.
Д о х с у н Д о ҕ у һ у о л
Оок-сиэ! Арай бу нуучча буойун
Өрүһүлүннэ. Оо, сорбут!
Арылыас кинээс ааттаах уолун
Дьааттаах оҕо түөһүн дьөлбүт…
209