Page 212 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 212
Онно талба кыыс сонньуйбута,
Оҕолуу ытамньыйбыта,
Атыны таптыыбын диэхтээбитэ,
Атыны онно ааттаабыта.
Ол — Эн этиҥ. Онтон ылата,
Оо, атах балай мин баартым.
Онтон ыла үҥэр таҥарата,
Үрдүк тускула суох хаамтым.
Кинини эн көрүстэххинэ
Миигиттэн сүгүрүс гынаар.
Эйигин кэрэтик саныы сылдьан
Кини өлбүтэ диэн этээр…
Уонна өндөйдө. Хаана иэйэр.
Уолаҥҥа болотун биэрэр:
— Ыл. Өлөрсөн өҥө суһуйда,
Охсуhууларга уйадыйда.
Yc ууһум Русь туһа диэн
Үстэ андаҕар эппитэ,
Yc төгүл кыргыһаары туран
Үстэ күлүгэр үҥпүтэ.
Саарабыл кэмигэр, оо, сэгээр,
Санаалаах самныыҥ күнүгэр,
Төлөннөөх охсуһууҥ түбүгэр
Санааргыы киниэхэ үҥээр.
Онно киниэхэ имэҥ түһүө,
Көлдьүн күлүмэр тыгыа —
Өстөөҕүҥ уодаһынын,
Доҕоруҥ итэҕэлин.
Уонна оҕунна. Онно бары
Аргыый сүгүрүйдүлэр.
Бэргэһэлэрин устан, бары
Төбөлүүн төҥкөйдүлэр.
Ол өлбүт бухатыыр үрдүгэр
Өр килбиэннээх үҥкүүлэрин
Уолан дьон ураатаан түмтүлэр.
Aҕам дьоннор батыйаларын
Таҥнары тайанан тураннар,
Аргыый онно ытастылар.
Уолан Эрилик
Андаҕайабын
Төрөөбүт күнүм төлөнүнэн,
212