Page 217 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 217

Иитэр сүөһү, иэримэ дьиэни
                         Иринньэх дьылҕам тумнубут.

                         Үчүгэй  Өрүүһэ
                         Сэгээр, кимҥин миэхэ этиигин
                         Бу олохпор мэлдьи мин өйдүөм,
                         Аан маҥнай оҕом түһүүтүн
                         Аатын эйиэнинэн уруйдуом,
                         Аргыый саһарҕаҕа кэлиэм,
                         Саҥата суох сүһүөхтээх бэйэм
                         Санааргыы суолгар үҥүөм…
                         Кимҥиний?
                         Куйахтаах  киһи
                         Аат! Кими кэрэхсэтиэн…
                         Син биир хардата суох сүтүөҥ:
                         Түһэр сулуһум төлөнүнүү,
                         Түүҥҥү муммут кылаһыныы…
                         Кини дорҕоонугар суох үөрүү —
                         Кэнэн аналынан кини баай;
                         Киниэхэ баар үтүөнү үөҕүү,
                         Кэрэни холуннарыы киниэхэ баар…



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Уолан  Эрилик  бэйэтин  туһунан  ыар  номоҕу  истэн,  «Аат!
               Кими кэрэхсэтиэн…» диэн этэрэ сөптөөх дуо?


                                  Бэһис ырыа

                         Уонна кини бу ыйдаҥа түүн
                         Маҥан уорукка кэлбитэ.
                         Алтан ааннара барыҥый түүнэ
                         Арыллан, аҥаһан дьиктитэ.
                         Уолан ааҥҥа тиийэн тохтоото,
                         Тугу эрэ иһиллээтэ:
                         Кини санаатыгар ким эрэ
                         Кини аатын ыҥырбыта,
                         Тыый… Киниэхэ хантан эрэ
                         Билэр саҥата кэлбитэ…
                         «Айталы Куо!» — диэн хаһыытаата,
                         Тобуктаан олорон ытаата.

                                                                      217
   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222