Page 218 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 218
Айталы Куо өлөн эрэрэ,
Туймаарыйа… сүтэрэ…
Айталы Куо
/…/
Ахтылҕан буолуута ааттаар
Миигин. Оо, оччоҕо көрөөр!
Түүн үрүмэтин саптан кэлиэм,
Түннүгүҥ анныгар туруом…
Уолан Эрилик
Биир… Биир чыпчылаҥҥа!
Ок-сиэ! Дьоҕойон алгыс туойан,
Ол кыыһы тириэрэ сатыыра,
Дьоҕойон аҥаардас ол Уолан
Сойбут уостары ууруура…
Өллө талба нарын айыыта,
Өллө дьикти кэрэ көстүүтэ.
Өлбүт аатын ытааҥ бары!
Ытаа, үс үөстээх Өлүөнэ,
Ытаа, тулаайахсыйбыт Сайсары,
Ытаа, саадахтаах сахам бииһэ,
Ытаа, кылыстаах Көҥүл кыыһа!
…
Ок-сиэ! Эн дьоҥҥо куһаҕаны,
Олоххор тугу оҥорбутуоҥ?
Биитэр эн буруй төрүөтүнэн
Төрүүр күҥҥэр этиллибитиэҥ?
Ким билиэй — ол нарын дьүөгэтэ
Киниэхэ тоҕо өһүрбүтүн
Өлөрөөрү туран сүрэҕэ
Өлүү туоҕунан сүһүрбүтүн…
Бырастыы нии, кылгас үйэбэр,
Үтүө, кэрэ бэйэҕэр
Хоргуппаттыы, умнубаттыы,
Төннүбэттии бырастыы…
Уолан! Кимиҥ хаалла кэннигэр?
Доҕотторуҥ мэлийдилэр,
Сир оҕолоро сир иннигэр
Сирдээҕи иэстэрин биэрдилэр.
218