Page 180 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 180
диэки тоҥкуруун курдук буолтун иһин, кэннэкинэн аламаҕай,
киһи сүбэтин-аматын ылынымтыа, тылыгар кииримтиэ буолан
истэ…
— Эн дьүөгэлэриҥ кэлбэтилэр, мин табаарыстарым бил-
либэтилэр. Онно биһиги туох буруйдаах буолуохпутун сө-
бүй? — диэн биһиги киһибит ыйытта. Кини ыйыппыта муода-
тыттан кыыс мунчаарбыттык мүчүйэ түһэн баран, саҥата суох
турда.
— Миэхэ маннык сүбэ баар. Бачча ыраах сиргэ тахсыбычча
бу киэһэни иккиэн күүспүтүн холбоон бииргэ атаарыах. Эн
санааҕар?
Кыыс итиниэхэ хап-сабар эппиэттээбэтэ, саарбаҕалаан ум-
са тутунна.
— Эйигин билбэппин ээ, — диэтэ кини турбахтаан баран.
— Ол улахан буолбатах. Өстүбэһэ, эйиэнэ аатыҥ ким этэй?
— Таня…
— Оттон миэнэ Яков… Яша… Бүттэҕэ ити дии. Биһиэхэ са-
халарга киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн билсэр диэн өс хоһоо-
но баар, — диэн Яков маҥнайгы билсиһиини түмүктээтэ.
Биһиги дьоммут ити курдук билистилэр.
Ити икки ардыгар дьон элбээбит эбит. Паарка ойоҕос аана
тэлэллэ биэрдэ. Ол хороон устун аргыый кутуллан киирэн бар-
дылар мустубут дьон. Болтуо уонна бинсээк, ырбаахы уон на
былаачыйа ахса суох эҥин эгэлгэ өҥнөрүн ахтыбатахха, үрдүк
каблуктаах моднай туфлятыттан бастыы салтаҕар саппыкыты-
гар, бэл диэтэр, хам-түм көстүтэлиир саары этэрбэһигэр, тэл-
лэҕэр сэлээппэлэриттэн эргэ киэпкэтигэр тиийэ сүүс араас
күндү-көйгө, үтүө-мааны таҥастаахтар — быһата ким хай-
дах сатыырынан уонна төһө кыайарынан киэркэйэ сатаабыта
бука барыта бииргэ былаахсан, эриэн ситии курдук хатыл-
лан, синньээн-соноон, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн, долгуйа устан
киирэн барда.
Сибилигин аҕай ньимийэн утуктуу турбут паарка иһэ, онно
кэккэлии аспыт халыҥ тыа мастарыныын бары тиллэннэр, сүүс
аҥыы тус-туспа бытарыспыт, быдаммыт куоластар барылара
бииргэ бөлүөхсэннэр, биири чуолаан, биир куолас буолан сип-
сиһэн-сибигинэһэн, сөтөллөн барбыт курдуктара… Ол долгун
быыһыгар кыбыттан биһиги дьоммут, тоҕонох тоҕонохторуттан
сиэттиһэн, төбөлөрүн холбуу тутан, бэрт өр уонна бэрт эйэ-
лээхтик кэпсэтэ сылдьыбыттара. Ол иһэн киһи саҥа билсии-
лээҕин күндүлүөх санаата киирдэ.
Ресторан күөх үүнээйи быыһыттан бу үүнэн тахсан кэллэ.
180