Page 229 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 229
Алгыыбын күөх чэлгий туонабын,
Көрдүүбүн көстүбэт сорукпун.
Соҕотох мунчаарбыт куттас уол
Мин бара сатыыбын, сатыыбын…
Сүрэхпэр тоҥ тыалы кутта суол —
Сатыы да барарбын сатыыбын.
Сыньньалаҥ олохтон ырабын,
Эрэйтэн буһабын-хатабын;
Таптыыбын мин албын ырабын,
Тылбынан кумаҕы хатабын.
Таптыыбын төрөөбүт уйабын —
Буурҕанан биэбэйдиир биһиги;
Кыйданыы кырыыһын уйабын —
Поэттар манныкпыт биһиги.
Биһиги дорҕоонноох долгуттар
Туруору түөстэрин кимэбит,
Тыл күүһэ тыыҥҥытын долгуттар,
Билиэххит поэт диэн ким эбит.
Поэт сир сокуонун кэһиитэ
Маарынныыр биир тылы сотору…
Айылҕа бэлэхтиир кэһиитэ
Тыл тыынын төрөтүө сотору.
Оҥорбут буруйбун-айыыбын
Барытын сатана салаатын!
Ырытыҥ мин айбыт айыыбын
Силиһин-мутугун, салаатын.
Эргэрбит иэйиини саҥардан
Дьэргэтиэх сассыҥҥы саҥанан!
Долгуну киһилии саҥардан
Кэпсэтиэх ол кэрэ саҥанан!
Манна дьол салгынын тыыныллар,
Поэт ыар тыллартан салҕааччы
Кыратык сыньньанан тыын ыллар,
Тыыһынча быстаҕы салҕааччы.
Таптаабыт кыыс оҕоҥ сириитэ
Кыракый сылтахтан буолуохтаах.
Ол онтон хамсаабат сир иитэ,
Кытаатан буол модун, буол уохтаах!
229