Page 230 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 230
Сүрэхпит ыллаатын үөрүүнэн,
Ыарахан тыллары талбатын!
О, поэт, үөр сайдан, үөр үүнэн,
Аны бил эдэр саас талбатын.
Көччөхтөр көттүлэр-дайдылар,
Күннэрбит күөрэйдэ, көмүстээр!
Тойуксут! Бу талыы дайдылар
Ньуурдарын ырыанан көмүстээр.
Айылҕа маанылаах иитиэҕэ,
Билиэм дуо, тостору-бэттэри!
Улуу сир уһааран иитиэҕэ
Сүүһүнэн мин курдук бэттэри!
1941 с.
Тылбытын байытабыт
Мээр таптал, мээр эйэ — өрүү таптал, өрүү эйэ.
Тураҕас туруйам — соҕотох туруйам.
Олом — өрүс, үрэх дьара сирэ.
Уоххун харатыаҥ — манна: күүскүн мөлтөтүөҥ.
Кэп туонабын — эрэйбин-муҥмун этэбин.
Айманар минуорбун — минор, санаа түһүүлээх иэйиибин.
Күөх чэлгий туонабын — чээл күөх дойдубун.
Сир иитэ — сир эргийэр орбитата.
Көччөх — саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Бөлөҕүнэн үлэҕэ айымньыга көстөр лириическэй дьоруой
өйүнсанаатын туругун арыйар олуктары үллэстэн, этэр ис но-
мохторун билиҥҥи олоххо сыһыаран кэпсэтиҥ.
1. Дьэ кэллэ! Кинини кытары
Таҥара тыыннара түстүлэр,
Хараҥа күлүктэр кытары
Көмүстүү күлүмнүү түстүлэр…
2. Сыньньалаҥ олохтон ырабын,
Эрэйтэн буһабын-хатабын…
3. Эргэрбит иэйиини саҥардан
Дьэргэтиэх сассыҥҥы саҥанан!..
230