Page 237 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 237
нор туһугар, кыахтаахтара буоллар, удаҕан да буолан барар
баҕалаахтарын кистээбэттэрэ. Төкөйө бэйэтэ да кыраһыабайа
бэрдэ — тэтэркэй имнэрдээх, уурбут-туппут курдук номоҕон,
хара бараан сирэйдээҕэ, кырааскалаан кэбиспиттии кып-
кыһыл мичээр иҥмит обуйук уостардааҕа, оттон буспут моон-
ньоҕон курдук харахтара дьүкээбил уотунан тырымныы сыл-
дьарга дылылара. Ол эрээри Төкөйө, ити аньыыта-харата суох
кыыс оҕолуу нарын сэбэрэтинэн, кыра оҕолуу мэник-тэник
майгытынан, улуу ойуун сүдү күүһүн дьон хараҕыттан кистээн,
этигэр-хааныгар иҥэринэ сылдьарын киһи барыта билэрэ. Хо-
муһуннаах тылын күүһүнэн өлөн эрээччилэри үтүөрдэн кэби -
һэр, оттон атаҕастаппыт дьонун босхоҥ оҥортоон охторон
түһэрэн, ынчыктаппытынан барар үһү диэн кэпсииллэрэ. Куо-
ракка биир хабыр майгылаах хаһаагы таҥнары кыраан атыт-
тан суулларан аллараа дойдуга атаарбыт үһү диэн сурах эмиэ
баара, оттон оннугу, бэл диэтэр, Үөһээ Халыма ойууна оҥо-
рор кыаҕа суоҕа. Төкөйө ойуун дьоҥҥо үтүөнү эрэ оҥорорго
дьулуһара…
Ойууттар уонна икки атыыһыт кинилэргэ анаммыт иллэҥ
миэстэҕэ, түһүлгэ ортотугар, тохтоотулар. Кинилэри көрөөт,
Саайыра оҕонньор, туора-маары үктэнэн, сүүрэн мадьары-
йан кэллэ. Туох да албына-көлдьүнэ, дэгэтэ суох сахалыы до-
рооболосто итиэннэ дуоспуруннаахтык ким ханнык ярангаҕа
биитэр тордоххо тохтуохтааҕын быһаарталаан биэрдэ. Ол икки
ардыгар, кэлии дьон аттарыттан түһэллэрин аҕай кытта, Ула-
хан Өлүөрэ диэкиттэн Куриль обуоһа көһүннэ. Маннааҕы аҕа
баһылыгы кэтэһэн чочумча турдулар.
Куриль эмиэ атынан кэлбит. Кинини кытта кэччэгэйинэн
биллибит Бүөтүччэ оҕонньор уолунуун Мэниикээнниин кэл-
сибиттэр.
Юкагирдар кулубалара атыттан ыстанан түспүтүгэр, Үөһээ
Халыма ойуунун харахтара уоттана түстүлэр.
— Баай туундара аҕа баһылыгар, сырҕан да кыыллары
сыһытааччы, албан ааттаах юкагир бииһин кулубата… Охо-
ноо һой Курилов дорообо, — диэн унаарытта кини. — Эн үтүө
ааккын уруйдуубун. Эн амарах сүрэххэр, эн дириҥ өйгөр-са-
нааҕар сүгүрүйэбин.
Куриль, атын тэһиинин Бүөтүччэ уолугар быраҕан биэрэн
баран, ойууннуун илии тутуста.
— А-аа… Дьэ көһүннүҥ дуу дьону сор суоллааччы муус сү-
рэхтээх оҕонньор! — диэтэ Төкөйө, мичээрдии-мичээрдии.
237