Page 239 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 239
ньор билигин да син үчүгэйдик барыгылдьытар уҥа хараҕар
хатаннылар.
Дьаһааһына ойууна, кини өһүргэммитин өйдөөтө гынан ба-
ран, онтун биллэрбэккэ, кыыкынас куолаһынан саҥарбытын
курдук саҥаран эҥээритэ олордо:
— Эн эһэҥ оҕонньору өйдүүбү-үүн… Улаха-аан ойуун этэ-э…
Абааһылара да күүстээхтэрэ… Хата ол ханна-ханна дьүгэлий-
биттэрин таба көрбөккө хаалбытым…
— Бэйи эрэ, оттон эн, Охоноо, ойуун хомуһунун туһанан
байбатаҕыаҥ? — Уйбаачаан саныыр санаатын сирэйгэ этэн
саайда.
Ньолоҕор сирэйдээх оҕонньор бастаан утаа кини тылла-
рын адьас атыннык өйдөөбүттэриттэн дьиктиргээбит курдук
тутунна, ол гынан баран утаакы буолбата, аргыһыттан кэлэй-
биттии тордох улаҕатын олоотоон баран, ити Индигиир му-
ҥур кутуруктаах хобдоҕурбут бөрөтө арааһы лахсыйарын аах-
са сатаама диэбиттии, Куриль диэки хайыста. Друскин кигэн
ыыппыт дьонун ити да абыраабата: Куриль кинилэр хоһохтоох
санааларын өйдөөбүтэ. Ыспыраабынньык юкагирдар бас-бат-
тах баралларын иһигэр киллэрбэт, ол аата кинини, кулубаны,
эмиэ ахсарбат буоллаҕа. Онтон атын эбитэ буоллар, ойууттар
маннык ардай аһыыланыахтар суоҕа этэ. Уйбаачаан буоллаҕы-
на, өйүнэн тутаҕын быһыытынан эрэ тэбиэһирэр диэтэҕиҥ дуу,
ламуттар хаһан эрэ Курильга көмүскэттэрэн санааларын тап-
тарбыттарын билигин да бырастыы гыныан баҕарбат. Ыспы-
раа бынньык уордайыыта манан аҕай дьыала буолбатах. Ол
эрээри билигин оннооҕор ордук куһаҕан буолаары турар. Эһэ-
тин абааһылара, бостуук табаарыһын соһумар өлүүтэ, буор-
босхо тиксибит үөр таба… Урукку да өттүгэр итини барытын
ойуун хомуһунугар күтүрүү сылдьыбыттара. Ол да буоллар бу
билигин, кыра да хобу-сиби сэҥээрэ истэр бачча элбэх киһи
түмсэн, туундара киэҥ киэлитин, кэтит таһаатын көрөр хараҕа,
истэр кулгааҕа барыта манна хараҕаламмыт кэмигэр, байар
туһугар хара дьайдаах быһыыланыы туһунан тыл көтөҕөр диэн,
баҕар-баҕарыма, сыанан аҕаабата биллэр.
«Кини туга итэҕэһий? Туохха суудайарый? — Куриль харах-
тарыгар кыһыл ирбэнньиктэр дьиримнэстилэр, онтун аһараа-
ры симириктии көрүтэлээтэ. — Ити улуу күтүр ситэ кыырбакка
тохтоон, суолун көннөрүнүө. Манна миигин баһыйар хомуһун-
наах ойуун баар, кини мин абааһыларбын тууйталыыр. Ол
ойуун хомуһунун күүһүн арай абааһылар билэн эрдэхтэрэ диэ-
ҕэ. Баран да хааллаҕына тугу сүүйтэриэ баарай. Дьон санаа-
239