Page 243 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 243

Быыһыыр
                                   түбүккэ түһэллэр.
                            Барыыллара
                                   алы тылларын,
                            Хаар эмэгэккэ үҥэллэрэ:
                            Булчут
                                   этэҥҥэ эргиллэрин,
                            Күнү алгыы
                                   күүтэллэрэ!..
                            Эмэгэккэ үҥэр кэмнэр,
                            Хаар курдук
                                   ууллан, сүппүттэр.
                            Көмнөх хаардыы
                                   тэбэммэттэр
                            Арай кинилэр кэпсээннэрэ!
                            Оҕо төрөөн түспүт
                                   хаарыгар
                            Мин билигин атыннык
                                   үҥэбин —
                            Чэбдик ыраас чаҕылыгар
                            Дьолбун булан үөрэбин!



                Тылбытын байытабыт

               Эмэгэт  —  былыргы  дьон  илдьэ  сылдьан  үҥэр-сүгүрүйэр  хан-
            нык  эмэ  иччи  эбэтэр  абааһы  дьүһүнүн  үтүгүннэрэн  маһынан  дуу,
            туоһунан дуу оҥорбут оҥоһуктара.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар
            1. Хаар уобараһа туох сүрүн санааны этэрий?
            2. Байанай «бэрсиитэ» сарсыҥҥылаах
               Өбүгэлэрим — эбэҥкилэр
               Былыр дьикти абыычайдаах
               Олорбут үһүлэр. — диэн бэйиэт түҥ былыргы эбэҥки норуо­
               тун үгэһэ билигин туттуллубатын, номоххо эрэ хаалбытын
               туох диэн сыаналыыгыт?
            3.  Хоһоон  күлүүс  тылларын  туһанаҥҥыт  уустаан­ураннаан
               бэйэҕит тылгытынан номохто оҥорон кэпсээҥ.
            4.  «Билгэ хаара» диэн өйдөбүл атын омуктарга баарын булан
               ырытыһыҥ.

                                                                      243
   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248