Page 239 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 239
Ааҕыы, ырытыы
ДЬОНУМ ДОЙДУТУГАР
Өндөл халлааҥҥа харбаһар
Туруук суорба таас хайалаах,
Тырымныы-дьиримнии умайар
Тымныы чыпчылаҥ сулустаах,
Уотунан-күөһүнэн салаһар
Хабараан-модороон тымныылаах —
Ити мин төрөөбүт дойдум,
Бааллар онно бар дьонум.
Онно кый үрдүк очуос таастар
Бэл, сайыннары хаар маҥаннар.
Халлаан сулуһун аахтарар
Бааллар үөрүнэн табалар.
Хаҕыс буурҕа хаары ытыйар,
Дьонум тоҥон эттэрэ атыйар.
Ол эрэн бу тыал, тымныы
Хата, дьулаппат хоодуот дьоммун.
Силлиэ иһиирдин, баҕар, ыйылыы,
Син биир хотуппат бар дьоммун.
Маннык дойдунан, бар дьоммунан
Мэлдьитин үөрэн киэн туттабын.
Айылҕа уоҕун-кылынын баһыйар
Тыйыс дьоммун өрүү ахтабын.
* * *
Табам намчы сыарҕата хаартан бөтөр буоллаҕына,
Халлаан сырдык күнүн уота сүһүөхпүн оҕустаҕын,
Тыйыһынан аакка киирбит хоту муорам сааскытын
Харахпар илэ кэлбит ириэһинин ыймахтыыбын.
Үрүйэлэр, үрэхтэр долгуннурар суһуохтара
Үҥкүү тэбэн хайаттан ыллыылларын саҕана
Бүтүн дойду бүтүннүүтэ сүргэтэ көтөҕүллэр,
Күөрэгэйдэр ыллаһаллар, сэбирдэхтэр үрэллэллэр.
Күннэр-дьыллар арҕастарын нөҥүө көстүө саманнык,
Хоту дойдум сааскыта субу курдук туспатык
Сүрэхтэри абылаан, сүһүөхтэри чэпчэтэн,
Олоҕу өлбөт тыыннаан, үйэни кэрэтитэн.
239