Page 237 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 237

дара олоҕун, боростуой дьонун уонна норуотун устуоруйатын
         туһунан суруйар. Ону кытта кини оҕо литературатын төрүттээ-
         битэ. Н. Курилов,  идэтинэн  худуоһунньук  киһи,  оҕо  суруйаач-
         чытын быһыытынан биллэр. Кини кырачааннарга анаан остуо-
         руйа сюжеттаах айым ньылары суруйар. «Туундараҕа каникул»
         сэһэнигэр  хотугу  оҕо  ураты  эйгэтин,  олоҕу  толкуйдаан  көрөр
         дьоҕурун арыйар.
            Онон хотугу норуоттар бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ура-
         ты тиэмэлэрдээх уонна дьоруойдардаах литературалара буо-
         лар. 30-с сылларга үөскээн баран, 60-с сылларга, «ириэрии»
         кэмигэр,  сайдыы  чыпчаалыгар  тахсыбыттара.  Үһүс  кэрдиис
         кэм  «уларыта  тутуу»  кэмиттэн  саҕаламмыта.  Суруйааччылар
         аҕы йах  ахсааннаах  норуоттарын  дьылҕаларын  туһугар  кыһал-
         лаллар, бу — хотугу кыраай литературатын сүрүн тыын боппу-
         руоһа буолар.

                                                          В. Б. Окорокова








































                                                                      237
   232   233   234   235   236   237   238   239   240   241   242