Page 234 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 234

Ыалдьыты үөрэ көрсөр
                           Аламаҕай санаалаах эмээхситтэргинэн.

                           Ханнык да кэмҥэ, ханна да сылдьан
                           Киэн тутун, эн саха буоларгынан!

                                                               1983 с.


                                    КӨМҮСТЭН КҮНДҮ

                                 Күндүттэн күндү,
                                 Көмүстэн күндү
                                 Киһи —
                                 Киһи барахсан!
                                 Киһи олорор олоҕор
                                 Киһи буоларын
                                              быһыытынан
                                 Баҕар, алҕаһаатын,
                                 Бар дьоннуун кыыһырсан
                                              да ыллын,
                                 Баҕар, тосту-туора хааман,
                                 Билэр, билбэт дьонуттан
                                 Кини — сэмэлэннин,
                                 Син биир күндү,
                                 Көмүстэн күндү —
                                 Киһи барахсан!
                                 Киһи барахсан
                                 Күлүмнүүр күҥҥэ
                                              тэҥнээх,
                                 Кыһыны солбуйар
                                              сааскыга тэҥнээх!
                                 Кэрэ сибэккилии тардар күүстээх,
                                 Күөх суугун ырыалаах,
                                              айылҕалыы күүстээх!
                                 Киһи барахсан —
                                 Сир Ийэлии өлбөт аналлаах,
                                 Кэннигэр хаалларар —
                                 кэнчээри ыччаттаах.

                                                               1983 с.






              234
   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238   239