Page 230 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 230

куул балык аҕалбытын мэтийэн кыстаатыбыт. Көмүс балыкчаан
             төбөтө  төһө  минньигэһэ  буолла,  сүүһэ  лоппойон  сүрдээх  ээ,
             һэ-һэ.
                Оо, ол сайын! Чараҥнаах сайына-а! Сайын ортото сыбаат-
             тар тугу эрэ бэркэ айманан туттулар. Онно куораттан куурусса
             таһаардылар,  кугас  өҥнөөхтөр,  өрүү  топпотох  харахтаах  та-
             баарыстар.  Сымыыттыыр  үһүлэр.  Мин  үөмэн  кэлэн  килиэк-
             кэлэригэр  ыйаастан  сүрэхтэрин  хайыта  сыһааччыбын.  Һэ-һэ.
             Сарахачыһыы,  айдаан  бөҕө  буолаллар.  «Даамалары  куттаа-
             ма», — диэбитэ оҕонньор. Даамалар, һэ-һэ, сүрэхтэрэ чугаһын!
                Тиэргэҥҥэ  уһун  быаҕа  сүүрэр  гына  бааллан  турар  Аргыс
             диэн табаарыс баар. Дьаардаах сыттаах ыт. Дьэ, айдааннаах
             табаарыс. Ээ, мин быата тиийбэт сиригэр тиийэн баран, араа-
             һынай фигуралары көрдөрө-көрдөрө, күн аайы кыынньыыбын.
             Олох  өлө  сыһар.  Тимир  сыап  ыыппат  буоллаҕа,  киҥнээх  та-
             баарыс!  Куоска  тутар  баҕалаах.  Тохтуур  ини!  Тоҕо  итинник
             кыылы туталлара буолла, сордонон биэрэр ээ, ас биэрдэхтэ-
             ринэ, үөрэн эккэлиирин көрүөҥ этэ. Дьэ, дууһа. Хайдах итин-
             ник  лакей  дууһалаах  төрүүллэрэ  буолла.  Ол  иһин  куоска  ба-
             рыта кинилэри абааһы көрөр буоллаҕа. Ээ, мин сайыны быһа
             араастаан  туттан,  киэптээн  бөҕө,  настарыанньам  түстэҕинэ,
             дьиэбин  аҕыннахпына,  кинини  кыынньаан  тыыммын  таһаара-
             бын.  Сыапка  сытарын  олох  өйдөөбөт  курдук  туттар,  күөмэйэ
             ыалдьыар, хардыргыар диэри кэбилэнэр. Хоҥ мэйии, дэйбиир
             кутурук, чаал бас! Балбес!
                Оҕонньор  туутун  көрө  киирдэҕинэ,  күөл  кытыытыгар  ол-
             буорга  олорооччубун.  Күөл  барахсан  сыта-сымара-а!  Киэһэ
             сө рүүн  салгына.  Биэдэрэтигэр  балык  тутан  иһэр  оҕонньор.
             Үчүгэй да оҕонньо-ор! Өрүү:
                — Куорат куоскатын ырыаран аны алдьархай буолуо, — диэн
             тыллаах. Күнү быһа уһанар. Үлэлээн тахсар. Биһиги оҕонньор-
             бут,  пахай,  оннук  буолуо  дуо.  Үлэттэн  кэллэ  да  сытар,  тэлэ-
             биисэр көрөр. Сүрэҕэ суохтуҥу соҕус табаарыс ээ. Ити табаа-
             рыс диэн кини тыла. «Табаарыс Дьөгүөр», «Дьөгүөр табаарыс»
             диир, үгэ-хоһоон аргыстаах ыҥырыы доҕоор! Хаһан сайын буо-
             лан  Чараҥнаахха  барабын.  Эмээхсин  этэрин  курдук,  бу  таас
             хаайыыга олоробут. Эбиэт, уусун, сааптарак буһарабыт. Мин
             «Вискас»  сиибин,  туох  да  амтана  суох,  туохтан  оҥороллоро
             буолла,  үүт  испитэ  буолабын.  Эмээхсин  бороһуок  үүт  диир.
             Куораттар ынахтара суох буоллаҕа дуу. Оннооҕор Аргыһы ах-
             табын.  Оо,  тахсан  дьээбэлээбит  киһи,  күөмэйэ  бүтүөр  диэри
             сордообут киһи баар ини.

              230
   225   226   227   228   229   230   231   232   233   234   235