Page 227 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 227
ДМИТРИЙ ФЕДОСЕЕВИЧ НАУМОВ
(1948)
Дмитрий Наумов саха литература-
тыгар тыа дьонун олоҕун-дьаһаҕын,
үлэтин-хамнаһын ойуулаан көр дөрөр,
көрүнэн-күлүүнэн толорор, сырдык
юмордаах кэпсээннэринэн саха лите-
ратуратын байытан, айар үлэтин саҕа-
лаабыта. Дмитрий Федосеевич зоо-
техник идэтин ылыаҕыттан тыа хаһаа-
йыстыбатын салаатыгар 40 тахса сыл
үлэлээбит киһи, кини рабочайтан ми-
ниистиргэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээ-
тэлин солбуйааччытыгар, СӨ Судаа-
рыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн)
дьокутаатыгар тиийэ үүнэн тахсыбыт салайааччы уонна су-
руйааччы буолар.
Дмитрий Федосеевич уһун кэмҥэ тыа сиригэр үлэлээбит,
олорбут киһи, онон дууһата күндүтүк саныыр, сүрэҕэ ахтар
дойдутун, дэриэбинэ дьонун туһунан суруйар. Суруйааччы бэ-
йэтэ этэринии, тыа сирин «баттаатар кэдэйбэт сиһэ, хатыйдар
бүдүрүйбэт тирэҕэ» тыа ыала буолар. Ол иһин кини кэпсээн-
нэригэр саха ыала барахсан «кылахтаһан мунньар дьолун,
көрдөрбөт буола кистиир кыһалҕатын» истиҥник кэпсиир. Су-
руйааччы кэпсээннэрэ ааҕааччы дууһатын таарыйар кистэлэҥ
кыллаахтар, ураты муусукалаахтар. Ону хас биирдии киһи бэ-
йэтин сүрэҕэ хайдах истэринэн, дууһата хайдах ылынарынан
өйдүүр.
Д. Ф. Наумов 2004 сылтан саҕалаан утуу-субуу «Дэриэбинэм
барахсан», «Төрүт буор», «Тыа ыала барахсан», «Деревень-
ка моя», о. д.а кинигэлэрэ бэчээттэнэн, пьесалара тыйаатыр
сыанатыгар туран, бэйэтэ Суруйааччылар сойуустарыгар кии-
рэн, билиҥҥи тыа олоҕун туох баарынан көрдөрөр прозаик,
көрдөөх-күлүүлээх комедиограф быһыытынан биллэр.
Кыылы-сүөлү ойуулуур кэпсээннэрэ бэрт иһирэхтэр, Күө-
рэгэй ынах, Кэрэмэс ыт, Акыым ат, Кырса ыт туһунан кэп-
сээннэрэ дириҥ анаарар, философскай ис хоһоонноохтор.
227