Page 229 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 229

сайылаабытым.  Дьэ,  онно  олох  этэ,  лафаа-а!  Куораттан  хо-
         тунум  корзинаҕа  уган,  онтун  киэргэтэн  аҕай,  баанчыктаан
         ыыппыта.  «Куорат  куоската  буоллаҕа  дии,  атыннык  көстүөх-
         тээх», — диэбитэ. Тиийбитим, оннооҕу оҕонньордоох эмээхсин
         көрүү-истии, сөҕүү-махтайыы бөҕө.
            — Хайдах аһатар-сиэтэр баҕайыбытый, куорат куоскатын, —
         дэстилэр. Хотунум суругун ааҕаат, олох да охто сыстылар.
            — Тыый, ол «Вискастарын» хантан булабыт, тыый, өссө бы-
         тархай гына кырбаммыт халбаһыны сиир эбит. Оой да, олору
         хантан ылабыт? Куоракка барар дьонунан сакаастыыбыт даа.
         Оой  да,  өссө  сибиэһэй  эрэ  буоллаҕына  сиир  эбит,  ол  аһын.
         Ити  тэлэбиисэргэ  эрэкэлээмэлиир  «Вискастара»  буоллаҕа.
         Тыый, хоргуйан өлүүһү дии, — эмээхсин айдаарда аҕай.
            — Куоска куоска курдук ини. Үүт эҥин иһиэ буоллаҕа. Ха-
         рааска  хаайдахха  кутуйахтары  да  тутан  сиэ  дии,  айманыма,
         өлбөт үөн буолуо, хата, туубун угуом, куоска балыгымсах буо-
         лааччы, — диэбитэ оҕонньор.
            Мин,  куттанан,  күн  аҥаара  дьиэҕэ  олорбутум.  Онтон  кыра
         уоллара, бобо харбаан таһааран, тиэргэҥҥэ бырахпыта. Оой,
         онно соһуйан олох өлө сыспытым. Биһиги ковролиммыт курдук
         буолуо  дуо,  хатыылаах,  ииччэх-бааччах  бөҕө  —  кэлин  билби-
         тим от эбит. Оо дьэ, араас эгэлгэ сыт-сымар бөҕөө-ө, эчи киэ-
         ҥин-куоҥун. Мин икки хос иһиттэн тахсыбатах киһи соһуйдум
         ээ. Бастакы күн чугуруҥнаан олох ырааппатым. Онтон кэли-ин,
         дьэ олох бөҕө-ө, лафа-а! Оҕонньордоох эмээхсин куорат маа-
         ны  куоскатын  аны  ырыаран  ыытыахпыт  дуо  дии-дии  аһатан
         бөҕө-ө.  Барыта  сибиэһэй.  Биир-икки  күн  мырдыҥнаан  көрөн
         баран, тохтообутум. «Кыратык маарканы тутуохтааххын» диэн
         хотунум  үөрэтэн  ыыппыта.  Үүттэрэ  диэн  эчи  үчүгэйин.  Сар-
         сыарда  ынахтарын  ыан  киирдилэр  да  биэрэллэр,  олох  сип-
         сибиэһэй,  киэһэ  сөрүүн  үүтү  иһэбин.  Оҕонньор  күөл  үрдүгэр
         олорор буолан балыктаата. Сибиэһэй мунду, завали-ись! Мин
         төбөтүттэн  саҕалаан  сиибин,  хайдахтаах  курдук  минньигэһин
         эһиги өйдүүр кыаххыт суох. Билигин ахтабын аҕай. Эмээхсин
         көмүс  балыгын  тутаары  аквариумун  таһыгар  олорон  сүрэҕин
         ыарытыннарабын. Айдаан бөҕө.
            — Гоша-а,  түс,  балыкпын  олох  тыытыма.  Бу  оҕонньор  си-
         биэһэй балык да аҕалбат, бу куоска балыкпын сииригэр тиий-
         дэ, — диэн айманар.
            — Сыбаат  мундуга  үөрэтэн  кэбиспитэ  аанньа  буолуо  дуо,
         балыгын  ахтан  эрдэҕэ.  Собо  буллахха  сатаныыһы,  эн  көмүс-
         чээҥҥин  тутуон  сөп,  —  диэн  бааҕынаабыта.  Эр  бэрдэ  биир

                                                                      229
   224   225   226   227   228   229   230   231   232   233   234