Page 231 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 231
Түннүккэ олоробун. Туох да уларыйбат. Арай ол от күөҕэ
массыына күн аайы кэлэр буолла. Уон иккис кыбартыыра
көссүүтэ үһү. Эмээхсин инньэ диир. Туохтара эбитэ буолла.
Чуҥкук олох доҕоор, сыттахха күн уһунун. Сайын Чараҥнаахха
бардахпына, оҕонньордуун туу көрүөхпүт, харааһын кутуйахта-
рын куттуoxпут. Кууруссалары соһуталыам, Аргыс диэн дууһа-
ны эрэйдиэм. Сайын хаһан кэлэр… Чараҥнаах, Чараҥнаах
барахсан!»
Дьиэ иһигэр онно-манна тэлбэҥнии сатаан, куу-хаа буо-
луохпар диэри тэлэбиисэр көрөн баран, түннүккэ, куоскам
таһыгар турабын. Киэһэрэн эрэр куораты одуулуубун. Киэ-
һээҥҥи оһох оттуллар кэмэ буолла, оттон бу куоракка биир да
буруо мэҥэ халлааҥҥа таласпат. Оһох оттуохтара дуо, барыта
бэлэмҥэ олороллор. Билигин Чараҥнаах барахсан хамсаабат
салгыныгар халлаан дьиэлэргэ тайаммытыныы, буруо бөҕө
унаарыйан турдаҕа.
Дьөгүөр куоска түннүккэ олорор, бөгдьөгөр көхсүн иһи-
гэр курдьугунаан олоҥхолуур. Мин кинини одуулуубун. Кини
чуҥкук олоҥхотугар бэйэм санаам иһиллэр курдук. Дойдубун
саныы, ахта турабын, ол иһин мин эрэ өйдүүбүн кини олоҥ-
хотун хос тойугун.
Санаабыт биирэ бэрт буоллаҕа-а табаарыс Дьөгүөрдүүн!
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсээҥҥэ эһигини ордук туох долгутта, күллэрдэ? Тоҕо?
2. Суруйааччы куорат ыалын атаах куоскатын ойуулуурун
болҕойон ааҕыҥ. Куоска ис монолога туох сүрүн санааны
этэрий?
3. Суруйааччы тыа олоҕундьаһаҕын ахтылҕана кыылгакөтөр-
гө, бэл, куос каҕа эмиэ баар буоларын ойуулаабыта киһини
итэҕэтэр дуо? Ханнык түгэннэргэ көстөрүй?
4. Дмитрий Наумов дьоруойдарын уйулҕаларын сатабыллаах-
тык арыйарын, сюжетын табыгастаахтык таҥан суруйарын,
сонун уобарастары айарын кэпсээн ханнык түгэннэригэр
бэлиэтии көрдүгүт?
231