Page 233 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 233
ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ МИГАЛКИН
(1954)
Иван Васильевич Мигалкин — бэ-
йиэт, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта,
публицист, 2013 сыллаахха Саха си-
рин суруйааччыларын Түмсүүтүн бэ-
рэс сэдээтэлинэн талыллыбыта, СӨ
үөрэҕириитин, бэчээтин, култууратын
туйгуна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин но-
руодунай бэйиэтэ.
1954 сыллаахха Уус Алдан улууһун
Хоро нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэ-
нигэр төрөөбүтэ. Бүлүү педучилище-
тын, Горькай аатынан Литературнай
институт поэзия салаатын үөрэнэн
бүтэрбитэ. Бастакы кинигэтэ «Ньур-
гуһуннаах сурук» 1976 сыллаахха тахсыбыта. Саха литература-
тыгар чэбдик сүүрээни киллэрбит Иван Мигалкин поэ зиятын
70-с сылларга өрөспүүбүлүкэ ыччата истиҥник ылыммы-
та. Соҕуруу үөрэнэр саха устудьуоннара кини хоһоонно-
рун сөбүлээн нойосуус билэллэрэ. Бэйиэт ыраас дууһалаах
хоһоон норун Семён Данилов, Леонид Попоп, Эллэй, Пётр
Тобуруокап, Моисей Ефимов үтүө алгыһынан көрсүбүттэрэ.
Барыта 50-ча кинигэ ааптара, ол иһигэр оҕолорго аналлаах
уонтан тахса кинигэлээх.
Ааҕыы, сэһэргэһии
КИЭН ТУТУН, ЭН САХА БУОЛАРГЫНАН
Ханнык да кэмҥэ, ханна да сылдьан
Киэн тутун, эн саха буоларгынан —
Сахалыы намыын саҥанан,
Дууһаны күүркэтэр оһуокайынан.
Сымыйалыыр диэни
билбэтэх өбүгэлэргинэн,
Тоһуттар тымныыттан
толлубатах удьуоргунан.
Күүстээх тапталга
бэриниилээх кыргыттаргынан,
233