Page 238 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 238
ВАСИЛИЙ ДМИТРИЕВИЧ ЛЕБЕДЕВ
(1934—1982)
В. Д. Лебедев 1934 сыллаахха аам-
даам тымныылаах ахсынньы ый оро-
йугар Муома улууһугар бултаан-алтаан
айаҕын ииттинэр табаһыт эбээн дьиэ
кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ, кыра
эрдэҕиттэн туохха барытыгар үөрүйэх
кыракый уолчаан олоҕу хайдах баа-
рынан ылына, сыаналыы, таптыы улаа-
тар. Оҕо эрдэҕинээҕи өйдөбүлэ кэлин
кини поэзиятын оҥкулунан буолбута,
оҕолуу сырдык, ыраас матыып бары
хоһоонноругар тыын сахпыттара.
1954—1958 сыллардаахха Ленин-
градка Герцен аатынан учууталлары
бэлэмниир университекка, аҕыйах ахсааннаах омуктар салаа-
ларыгар үөрэнэ сылдьан, норуотун туһугар үлэ лиир санаа-
та өссө күүһүрэр. Үөрэммит кыһата бэйиэт, учуонай буолан
эрэр киһиэхэ сүдү оскуола буолбута. Ол курдук биллэр учуо-
найдары, биир идэлээхтэрин кытта төрөөбүт тө рүт тыл симэ-
лийэр, култууралара умнуллан эрэр норуоттар кыһалҕаларын
тула элбэх кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолара. Эбээн тыла
тыыннаах хааларын, култуурата сайдарын ту һугар элбэх үлэни
ыыппыта. 1958 сылтан ССРС НА СО Дьокуускайдааҕы фили-
алыгар эбээн тылын чинчийиигэ үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха
наука хандьыдаата буолбута.
Василий Лебедев айар үлэнэн утумнаахтык 60-с сыллар-
тан дьарыктаммыта. 1962 сыл лаахха «Омчэни» диэн хомуу-
рунньуга тахсыбыта. Кини судургу, ол эрээри өрө күүрүүлээх
(эмоцианальнай), кырдьыгы аһаҕастык этэр, ол эрээри инни-
кигэ эрэлин хоһуйар айымньылара билигин да киэҥ ааҕааччы
биһирэбилин ылаллар. Хотугу дойду хоһуун «Омчэнитэ», эбээн
норуотун чулуу уола хоһоонноро ааҕылларын тухары баар,
тыыннаах, ол аата омук сарсыҥҥылаах диэн эрэнэбит.
238