Page 241 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 241
НИКОЛАЙ РОМАНОВИЧ КАЛИТИН
(1940)
Николай Романович Калитин, бул-
чут, эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөө -
бүт-үөскээбит буолан, үксүн байанай-
даах айылҕа туһунан су ру йар, «сирим
сиигин иҥэринэн, сирбиттэн силис-
тэнэ тирэнэн сылдьар аналлаахпын»
диэн, тэбэр сүрэҕинэн билинэр уонна
«айылҕам барахсаны, эйигин, Байана-
йым ымыытын, ыллатан арчылаатаҕым
буоллун» диэн, сүгүрүйүү тыыннаах
хоһооннорун ааҕааччыларыгар бэлэх-
тиир.
Бу тулалыыр аары ма мастары мин
тииҥ кутуругу нааҕар кылгас эрдэхтэ-
риттэн билэр курдукпун, кинилэрдиин доҕордоһо бун, кинилэ-
ри ытыктыыбын, биир оло ҕу олоробун», — диэн, Николай Ка-
литин бэрт иһирэхтик тулалаан турар эйгэтин, олорор олоҕун
укулаатын, төрдүн-төлкөтүн, төрөөбүт төрүт түөлбэтин ахтара
ааҕааччыны долгутар.
Ааҕыы, сэһэргэһии
БИЛГЭ ХААРА
«Дьылҕам хаартан төрүттээх».
С. Данилов хоһоонуттан
Байанай «бэрсиитэ»
сарсыҥҥылаах
Өбүгэлэрим — эбэҥкилэр
Былыр дьикти
абыычайдаах
Олорбут үһүлэр.
Күн-дьыл алдьанан,
Хобдох күннэр
күөртүүллэрэ.
Эр бэртэрэ
мунньустан,
Оччоҕо ыырдара
кэҥиирэ.
241