Page 236 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 236

ХОТУГУ НОРУОТТАР ЛИТЕРАТУРАЛАРА


                Саха сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын — эбээн, эбэҥ-
             ки,  дьүкээгир  —  литературалара  ХХ  үйэ  30-с  сылларыгар
             үөскээн сайдыбыта уонна аан дойдуга биллэр буолбута.
                Эбээн  литературатын  төрүттээбит  Тарабукин Н. С.  (1910—
             1950)  поэзията  уонна  «Оҕо  эрдэхтээҕим»  сэһэнэ  Россияҕа
             аҕыйах  ахсааннаах  норуоттар  литературалара  үөскүүрүгэр
             тирэх буолбута, ол курдук хотугу кыраай суруйааччылара, кини
             үгэстэрин салҕаан, оҕо литературатын сайыннарбыттара. 60-с
             сылларга  эбээн  литературатыгар  П. Ламутскай,  В. Лебедев,
             А. Кривошапкин  ааттара  биллибитэ. П. Ламутскай  эбээн  ли-
             тературатыгар  аан  бастакы  арамааны  суруйбута  —  «Сир  ич-
             читэ»  (1987  с.).  В. Лебедев  нарын,  романтическай  тыыннаах
             лиирикэтинэн  дойдуга  биллибитэ,  хотугу  дойдутун  олоҕун
             туой бут  буолан,  кинини  «Үрүҥ  таба»  ырыаһыта  диэн  ааттаа-
             быттара.  А. Кривошапкин  оҕо  литературатыгар  үгүс  кэпсээн-
             нэрин,  сэһэннэрин  суруйбута.  Хотугу  оҕо  ураты  дьарыгын,
             хараахтарын  арыйбыта.  Кини  үгүс  арамаан  ааптара  буолбу-
             та,  «Көс  олоҕун  уһун  суола»  автобиографическай  айымньыта
             үрдүктүк сыаналаммыта.
                Эбэҥки билиҥҥи литературатыгар Г. И. Варламова-Кэп тукэ
             аата киэҥник биллэр. Кини хотугу норуоттар ааспыт уонна би-
             лиҥҥи  олохторун  кыһалҕаларын  хорсуннук  арыйан  көрдөрөр.
             «Имеющая  имя  Джелтула  река»  автобиографичес кай  сэһэни-
             гэр  эбэҥки  норуотун  ураты  олохторун,  абыычайдарын,  дьа-
             рык тарын ойуулуур.
                Дьүкээгир  литературатын  Н. И. Спиридонов-Тэки  Одулок
             са ҕалаан  аатырдыбыта.  Оттон  60-с  сыллартан  бырааттыы
             Куриловтар  айар  үлэлэрэ  дойду  үрдүнэн  билиниини  ылан,
             үрдүктүк  сыаналаммыттара. С. Курилов  дьүкээгир  литерату-
             ратыгар  бастакы  «Ханидуо  уонна  Халерха»  арамааны  суруй-
             бута.  Г. Курилов-Улуро  Адо  бастакы  бэйиэт  буолбута,  туун-

              236
   231   232   233   234   235   236   237   238   239   240   241