Page 232 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 232
Тыыннаах тыл
А. Чехов, Т. Сметанин, П. Тобуруокап айымньыларыгар, билиҥ-
ҥи кэм аатырар суруйааччыта японец Харуки Мураками тулалыыр
эйгэни букатын остуоруйа олоҕунуу романтическайдык ойуулаа-
һыннара Дмитрий Наумов кэпсээнигэр көстөрүн кэпсэтиһиҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Аныгы саха литературатын сайдыытыгар жанр ураты
көрүҥнэрэ баар буоллулар. Ол курдук, ааптардар айымньы-
ларын «остуоруйаномох», «остуоруйакэпсээн», «дьиктилээх
аныгы номох», «фэнтези» диэн быһааран, аныгылыы жанр
көрүҥүн киллэрэллэр. Дмитрий Наумов «Дьөгүөр куоска»
кэпсээнэ ханнык көрүҥҥэ киирэрин быһаарыҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Кэпсээни ситэрэн айан суруйуҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Юмор — олох быстах итэҕэстэрин сымнаҕастык, эйэлээхтик элэк-
тээн, хаадьылаан хаарыйар көр-күлүү айымньыта.
Аах. Бил. Туһан
1. Наумов Д. Ф. Дэриэбинэм барахсан: [кэпсээннэр, пьеса-
лар] — Дьокуускай: Көмүөл, 2009. — 576 с.
2. Наумов Д. Ф. Чомойор кыыһа: [кэпсээннэр, пьесалар] —
Дьокуускай: Бичик, 2011. — 256 с.
3. Наумов Д. Ф. Өйдөөн көрбүтүм… (кэпсээннэр, ахтыылар) —
Дьокуускай: ДаниАлмас, 2015. — 248 с.
232