Page 228 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 228

Ааҕыы, сэһэргэһии

                                    ДЬӨГҮӨР КУОСКА
                       (куоракка киирбит оҕонньор остуоруйата)

                Биһиги  үйэбитигэр  куоска  ииппэтэх  ыалбыт.  Арай  быйыл
             куоракка  кыстыыр  буоламмыт,  ол  кыылы  кытта  бииргэ  оло-
             робут.  Кини  балтараа  саастаах  эриэн  куоска.  Тигр  дуу,  ха-
             хай дуу удьуордарын батан ньылбыҥнаан хаамар. Тыаһа суох
             ханна  баҕарар  ыстанан  тахсар,  күҥҥэ  туох  да  көдьүүһэ  суох
             куорат  куоската.  Таас  дьиэ  олохтооҕо.  Улаатымсык,  бэйэм-
             сэх,  кимтэн  да  толлубат,  кими  да  истибэт  атаах  кыыл.  Аһаа-
             таҕына көҥүл, аһаабатаҕына көҥүл. Ыт эрэйдээх аһаатаҕына:
             «Аһаттылар ээ», — диэн үөрээхтиир буоллаҕына, куоска «мин
             ыраахтааҕы буоллаҕым дии, ама, аһатыахтара суоҕа дуу» диир
             ааттаах.  Дьэ,  итинник  көҥүл  олохтоох  кыыл  —  эриэн  куоска,
             тугу да туһалаабат, өссө, арыт солуута суох ньааҕыныыр. Урут
             кини киэҥ-куоҥ дьыбааҥҥа күнү быһа сытара. Бу быйыл наар
             түннүккэ олорор буолла, таһырдьа тахсыан, ханна эрэ барыан
             баҕарар курдук. Үөһээ этээстэн куорат килиэ таас дьиэлэрин,
             бэрт  аҕыйах  дьиэ  таһыгар  кэлэр  массыыналары  аахайбатах-
             тык  туттан  көрөр.  Үксүн  санаарҕаабыттыы  биир  сири  одуу-
             луур.  Арыт  ол  олорон  көхсө  курдьугунаан,  уларыйбат  биир
             матыыптаах  олоҥхотун  олоҥхолуур.  Ол  бүппэт  олоҥхотугар
             олоҕун туһунан кэпсиир, сайылаан кэлбит Чараҥнааҕын ахтар.
             Ол ааспыт сайын туһунан эриэн куоска наҕыл, мин кулгаахпар
             эрэ иһиллэр намылхай кэпсээнин истиэҕиҥ.
                «Мин  Георгий  диэн  ааттаахпын.  Ону  маннааҕы  оҕонньор
             Дьөгүөр  диир,  онтон  мин  да,  мин  хотунум  да  өһүргэнэбит.
             Мин  кини  кыыһын  куоскатабын.  Оҕонньордоох  быйыл  биһиэ-
             хэ  кыс таан  олороллор.  Эмээхсин  аквариумҥа  соҕотох  кыһыл
             көмүс  балыктааҕын  көтөҕөн,  маадьаҕар  атахтаах  оҕонньор
             тыас таах  баҕайытык  саллырҕаан  хааман,  ол-бу  диэки  суос-
             таахтык  көрөн,  олох  тойомсуйбутунан  кэлбиттэрэ.  «Бу  куоска
             тоҕо  манна  сытарый,  тоҕо  бэйэтэ  сытар  сирэ  суоҕуй,  аата
             кимий?  Георгий  даа,  оччоҕо  Дьөгүөр  диэн  буолар»,  —  диэ-
             битэ. «Олох интеллигентнэйэ суох, дэриэбинэ курдук иһиллэр
             дии», — диэн көрбүтэ мин хотунум, ону олох истибэтэх курдук
             туттубута.  Дьүлэй  дуу,  хайдах  дуу.  Өрүү  Дьөгүөр  да,  Дьөгүөр
             буолар. Ити мин хотунум «дэриэбинэ» диэн үөҕүү курдук этэрэ
             сыыһа, ол баар үтүө дойду. Мин быйыл сайын, хотунум дьиэ-
             битин  өрөмүөннүүр  буолан,  сыбааттарбытыгар  Чараҥ наахха

              228
   223   224   225   226   227   228   229   230   231   232   233