Page 224 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 224
АЛТЫС ТӨГҮЛЭ
Сырдыыр. Силиптээх Ылдьаа ордуулара подвал. Сыана ортотугар
С и л и п туой иһиттээх бэһин иннигэр ууран олорор. Кини итирик.
Инчэҕэй тэрээпкэни ыган, бэһигэр уу кутар.
С и л и п. Ардах… Илгэлээх ардах… Мэхээлээ, истэҕин
дуо?.. Бу — илгэлээх ардах… Оннук-оннук, илгэлээх бөҕө
буол лаҕа дии!.. Эс, хайаан от үүнүө суоҕай, оттон бачча ар-
дах түспүтүн кэннэ, бэйэҥ да санаан көр, хайаан от үүнүө
суоҕай?.. Мэхээлээ, доор, эн хайдах буолаҕын, бэйэҥ бэйэ-
ҕинэн… Суох, бу — илгэлээх ардах…
Оттон Ылдьаа барбыта… Барбыта… Мэхээлээ, мин куһаҕан
киһибин дии?.. Ылдьааны… Ылдьааны үүрэн ыыппытым…
Тоҕо, Мэхээлэ, тоҕо мин кинини үүрбүтүм буолуой?! Билэҕин
дуо? Ээ? Билбэккиин… Кини эдэр… Кини сылдьыаҕа… Кини
кыахтаах… Дойдутугар да тиийиэҕэ… Оттон мин… мин ман-
на өлүөҕүм… Өлүөҕүм… Ээ, улахан эбит, Мэхээлээ… (Арыгы
омурдар.) Аан дойду эмиэ атыйахтаах уу курдук хамнаатаҕа…
Ол эрээри, Мэхээлээ, мин көрдөһөбүн эйигиттэн… Өллөхпү-
нэ… Манна алааспар… Алааһым ортотугар соҕотох бэһим
ан ныгар көмөөр… Истэҕин дуо, Мэхээлээ, хайаан да манна,
соҕотох бэһим анныгар көмөөр…
Силип бэстээх көһүйэтин имэрийэр, тугу эрэ ботугуруур. Хараҥарар…
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Олоххо бэлиитикэ, идиэйэ күөн көрсүһүүлэрэ инники
күөҥҥэ тахсан хайдах курдук дьон олоҕор, дьылҕатыгар
охсорун Ылдьаа, Силип уобарастарын нөҥүө кэпсэтиҥ.
2. Төрөөбүт дойду хайдах курдук күндүтүн, хайа да сир халлаа
ныгар сүрэххэр чугаһын, ахтылҕаннааҕын, киһи сатаан эп-
пэт сындалҕаннаах санааоноо, арахсыспат дууһа ыарыыта
буоларын көрдөрөр айымньы символ уобараһын бы һаарсыҥ.
3. Бараркэлэр сирэ баҕана үүтэ буола кыччаабыт, төрөөбүт
алааһын, ол булгунньаҕын үрдүгэр турар соҕотох бэһин аны
көрбөт дьылҕаламмытыттан өйө бааллыар диэри тууйуллу-
бут Силип уобараһа туох дириҥ санааны этэрий?
4. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Японияҕа тиийэн хаалбыт Силип
уонна Ылдьаа дьылҕалара тугунан түмүктэммитэ буолуой?
224