Page 221 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 221

дьаҕын  дии…  Кытайга  тиийиэҥ  буоллаҕа  дии…  Оттон  онно
         дьоммутугар тиийдэхпитинэ, эйигин ол кытай луохтуурдарыгар
         эмтэтиэхпит  буоллаҕа…  Силип…  эн  кыһаныма…  ити  маскын
         төттөрү  илдьэн  мин  туттарыам,  харчыгын  төттөрү  ылыам.  Эн
         онно отой кыһаллыма, мин бэйэм илдьэн туттарыам. Эн миэхэ
         биири эрэ эт: ол уулуссаҕа хантан бу маһы ылбыккыный? Эт
         миэхэ, Силип… Мин билигин онно тиийэн туттаран, харчыны
         төттөрү  ылан  кэлиэм…  Чэ,  эт  миэхэ,  Силип…  Ол  уулуссаҕа
         хантан ылбыккыный бу бэһи?
            Силип (көһүйэни ылан бэйэтигэр сыһыары тардар). Суох,
         Ылдьаа… Бу — миэнэ… Мин маны кимҥэ да биэриэм суоҕа…
         Мин маны төттөрү туттараарыбын ылбатаҕым…
            Ы л д ь а а. Суох,  Силип.  Эн  ыалдьаҕын.  Эн  бэргээбиккин.
         Ыл,  аҕал  ити  бэскин.  Куттаныма,  мин  алдьатыам  суоҕа.  Мин
         аргыый аҕай ол уулуссаҕа илдьэн, ол эн хантан ылбыт сиргэр
         баран туттарыам… Ыл, аҕал.
            С и л и п. Суох, Ылдьаа. Суох диэтим! Мин бэспин кимиэхэ
         да биэриэм суоҕа, эйиэхэ да, кимҥэ да! Хайдах мин маны —
         сылы быһа ымыы оҥостубут ыра санаабын саҥардыы илиибэр
         тутаат, төттөрү ыһыктан кэбиһиэхпиний… Суох. Оннук табыл-
         лыбат. Ол кэриэтин манна өлүөм…
            Ы л д ь а а. Силип, эн бэргээбиккин.
            С и л и п. Буоллун! Эн, баҕар, миигин иирбит да диэ, буол-
         лун!  Туох  да  диэ…  Эн  бэйэҥ  да  санаан  көр…  Дойдубун  ах-
         тан  хайдар  аҥаарым  буолан  иһэн,  ол  тимир  суол  аттынааҕы
         уулуссаҕа  өстүөкүлэ  эркин  нөҥүө  көрө  түспүтүм…  Онно  кини
         турара — мин алааһым… Истэҕин дуо, Ылдьаа, мин алааһым!
         Соҕотох булгунньах үрдүгэр үүммүт мин бэһим… Онно таалан
         өр  баҕайы  турбутум…  Онтон  ылата  хас  күн  аайы  эйигиттэн
         кистээн, онно алааспар барар буолбутум…
            Ы л д ь а а. Миигиттэн кистээн…
            С и л и п. Ону  эн  баалаама,  Ылдьаа.  Эйиэхэ  онто  да  суох
         үлэҥ элбэх буоллаҕа…
            Ы л д ь а а. Буолумуна…
            С и л и п.  Эн  иһит  миигин.  Иһиттэххинэ  —  барытын  өй-
         дүөҥ… Оттон кэлин мин өрүү кэлэрбин көрөн лааппы хаһаайы-
         на оҕон ньор тахсан кэпсэппитэ. Быһыта-орута эрэ өйдөһөбүт.
         Кэлин  билсэн  барбыппыт.  Ол  оҕонньор  бэйэтэ  бонсайынан
         дьарыктанар  эбит,  кини  аймах  бу  үөрэҕи  былыргыттан  өбүгэ
         саҕаттан удьуордаан аҕалбыттар эбит. Бу мин бэспин, бу бэһи
         оҕонньор  бэйэтэ  уонунан  сыллар  устата  иитэн,  бүөбэйдээн
         үүннэрбит  эбит…  Өйдүүгүн  дуо  ону?  Бу  тулуурдаахтарын,  бу

                                                                      221
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226