Page 218 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 218
Ы л д ь а а. Пахай! Ол диэн дуо… Силип… Силип, доҕор…
Сурук… Сурук кэллэ…
Пауза.
С и л и п. Туох диигин?..
Ы л д ь а а. Сурук, сурук кэллэ диибин!..
С и л и п. Сурук дуо?..
Ы л д ь а а. Сурук!..
Силип (уоскуйа сатыыр). Дьоммутуттан дуо?
Ы л д ь а а. Дьоммутуттан…
С и л и п. Ол аата… Мин эппитим дии — Варфоломеев пол-
ковник буллаҕына булуо диэн… Кини булбут дуо?
Ы л д ь а а. Кини…
С и л и п. Бэйи, оччоҕо… Ыл, Ылдьаа, аҕал эрэ манна…
Аҕала оҕус…
Ылдьаа (сиэбиттэн ылан биэрэр). Бу баар. Мэ…
Силип (ааҕар). Ытыктыыр дьоммут Силип Миитэрэйэбис
Ардаахап, Ылдьаа Ньукулаайабыс Даркыылап! һэ! Микииппэ-
рэп буочара. Кини суруйбут… Эһиги суруккутун Варфоломе-
ев полковник көмөтүнэн бу бүгүн эрэ туттубут. Былырыыҥҥы
Дьоппуон сиригэр буолбут сир хамсааһыныгар түбэстэхтэрэ
диэн биһиги сэрэйэр этибит. Хата, ити алдьархайтан тыыннаах
ордубуккутун истэн улаханнык үөрдүбүт. Биһиги урукку сир-
бититтэн көһөн, аадырыспытын уларытан эһиги суруктаргыт
муннахтара дии. Ол да иһин! Биһиги санаабыппыт курдук…
Биһиги эмиэ эһиги урукку аадырыскытыгар Токио куоракка
сурук суруйан тахсарбытын, ол аадырыс суох, сир хамсааһы-
ныгар, баһаарга умайбыта диэн сурук туппуппут. (Ылдьааҕа.)
Ити дии! Мин этэр этим дии! (Салгыы ааҕар.) Дьокуускай хо-
муньуустарыттан соторутааҕыта «тупсуоҕуҥ» диэн тэлэгирээмэ
туттубут… (Ааҕар тэтимэ бытаарар.) Сураҕа сахалар аптаныа-
мыйалара атаҕар туран, урут бастаанньаҕа да сылдьыбыт саха
үөрэхтээҕэ улахан үлэҕэ тиксэн, бары бииргэ үлэлээн эрэллэр
үһү. Биһиги билэр дьоммутуттан, холобур, Артемьев, Баайыһап
эҥин курдуктар бары амньыыстыйаланан үлэҕэ тиксибиттэр.
Онон биһиги улахан мунаахсыйыыга киирэн олоробут. Дойду-
га барыаҕы баҕарыллара биллэр суол да, ол баҕар кыһыллар
кубулҕаттара буолуо диэн санаа эмиэ баар. Онон хайыыбыт?
Туох сүбэтин булабыт? Дьөгүөр Куһумуун бастаан өссө тэлэ-
гирээмэтэ ыытан, эрэллээх соҕус дьоммутуттан ыйытан туоһу-
лаһыахха диир. Ону Эрэһээнискэй утарар. Эһиги туох дииргит
буолла? Сурукта суруйуҥ. Уонна кыаллар буоллаҕына, манна
кэлиэ этигит. Аҕыйах бэйэбит хайдах сир-сир аайы тарҕанан
218